Хаартыска: Амма улууһун Абаҕатыгар күүстээх тобурах түстэ

Хаартыска: Мария Ноговицына/Амма олоҕо

Бэҕэһээ, бэс ыйын 25 күнүгэр, Абаҕа нэһилиэгэр бөдөҥ тобурах түстэ. Нэһилиэк олохтооҕо Мария Ноговицына этэринэн, тобурах оҕуруотчуттарга хоромньу таһаарбыт. Ордук пекинскэй хаппыыста уонна  сүбүөкүлэ эмсэҕэлээбит.

Бу күннэргэ Амма улууһугар күн-дьыл туруга мөлтүөҕэ диэн синоптиктар сэрэтэллэр. Бэс ыйын 27 күнүгэр сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри тыаллаах ардаҕы кытары тобурах түһэрэ күүтүллэр.

Источник: Амма олоҕо хаһыат телеграм-ханаала

This post was published on 26.06.2025 16:30 16:30