Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата толору үлэлиэҕэ

Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата былаан быһыытынан үлэлиир уонна толору туолуоҕа, Россия тутууга министиэристибэтэ суруйар. 

Быйыл 57 тыһыынча киһи саҥа дьиэҕэ көстө. Өссө 55 тыһыынча — сыл бүтүөр диэри бырагырааманан туһаныаҕа. Маны сэргэ, бюджекка 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэттэн көһөрүүгэ үбүлээһин көрүллэн турар.

Сорох регионнар ааспыт сылга бырагырааманы толорбуттара.

This post was published on 09.03.2022 13:33 13:33