Ыам ыйын 18 күнүгэр Хаандыгаҕа киин библиотекаҕа ньургуһун күнүгэр анаммыт тэрээһин буолла. Төһө да үлэ нэдиэлэтин ортото буоллар син элбэх киһи муһуннубут.
Сахалар ньургуһун, сардаана сибэккилэри хайа да атын сибэккитээҕэр сөбүлүүр, сүрэхпитигэр чугастык ылынабыт.
Ньургуһун Хаандыга сиригэр-уотугар үүммэт буолан, ким эрэ ыраах массыынанан баран көрөн кэллэҕинэ ымсыырабыт аҕай. Томпоҕо Мэҥэ Алдан уонна Байаҕантай эҥэр маҥан, Хаандыгаттан 40 км сиргэ баар Саһыл нэһилиэгэр үксэ күөх өҥнөөх ньургуһун үүнэр.
Ньургуһун күнүгэр библиотекарь Александра Ефимова үчүгэй баҕайы хаартыскалары көмпүүтэргэ таҥмыт, саха суруйааччыларын уонна хоһоонньуттарын айымньыларын быыстапкатын оҥорбут уонна ыйытыы-викторина бэлэмнээбит. Элбэх ыйытыыга учуутал Саргылаана Попова сөпкө хоруйдаата.
Олохтоох айар дьон ньургуһун туһунан хоһуйуулардаахтар. Улуус үөрэҕин салаатын иитэр үлэҕэ салайааччыта Елена Винокурова Александра Стручкова-Сулустаана саҥа хоһоонун, «Бэйбэрэ» бөлөх хомусчуттарыгар доҕуһуоллатан библиотекарь Римма Захарова суруйааччы Роман Тарабукин дьүһүйүүтүн аахтылар. Томпоҕо өр сылларга үлэлээбит мелодист Николай Туласынов «Суох, кэбис, тапталым…» ырыатын долгуйа иһитттибит. Сиэстэрэ Анна Федотова сибэкки эмп быһыытынан туох туһалааҕын кэпсээтэ.
Онтон икки бөлөххө арахсан ырыаҕа күрэх буолла. Ньургуһун туһунан ырыалары биирдиилээн, иккиэ буолан, бөлөҕүнэн уонна үҥкүү эбэн толордулар. Дьүүллүүр сүбэ икки бөлөҕү тэҥинэн кыайыылааҕынан ааттаата, хотторбут суох буолла. Итинник үөрэ-көтө бырааһынньыктаатыбыт.
Күөх үүнээйитэ аҕыйах, араас улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит элбэх квартиралаах дьиэлэргэ олорор дьоҥҥо ньургуһун дойдубутун санатар. Ол иһин элбэх ыалга ньургуһун хаартыската эркиҥҥэ ыйанан турар буолар.
This post was published on 20.05.2016 14:19 14:19