Хаһыатчыт Алексеев (ЭРЭДЭЭКТЭР КОЛОНКАТА)

Бүгүн ытыктыыр дириэктэрбитин тиһэх суолугар атаарабыт.


Эргитэ санаатахпына, дириэктэрим Кирилл Алексеев туһунан мин аан маҥнай 2003 сыллаахха истибит эбиппин. Саха государственнай университетын бүтэрэн «Ил Түмэн» хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн үлэлии кэлбитим. Кылаабынай эрэдээктэрим Константин Федоров кэмиттэн кэмигэр суруналыыстарыгар атын хаһыаттары ырытан кэпсиир үгэстээҕэ. Элбэх киһини билэр уопуттаах салайааччыны, мин, эдэр суруналыыс, биир да тылын сыыска-буорга түһэрбэккэ истэрим.

Биир сырыыга «Наше время» хаһыат уочарата кэлбитэ. Кырдьыгынан эттэххэ, мин, эдэр бэдик «Наше время» хаһыакка «Итар-Хатасс» рубрикатыттан атынын аахпат этим. Константин Анатольевич: «Наше времяны» көрүҥ — БАРЫТА БИИР КИҺИ СУРУЙБУТУН КУРДУК ХАҺЫАТ! Ити кылаабынай эрэдээктэр Кирилл Алексеев барытын соҕотоҕун көннөрөр. Хаһыат бүтүннүү биир истиилинэн суруллубут!»

Константин Анатольевич ханнык суолтаҕа итини эппитин билигин умнубуппун, ол эрэн өйбөр Кирилл Алексеев диэн олус сүрэхтээх кылаабынай эрэдээктэр баарын чиҥник өйдөөбүтүм. Онтон ыла «Наше время» ырытыыларын, хорсун суруйууларын ааҕар буолбутум.

Мин суруналыыстыкаҕа киирэр сахпар судаарыстыбаннай уонна чааһынай (бэйэлэрин «тутулуга суох» диэн ааттанар) хаһыаттар икки ардыларыгар көстүбэт сурааһын баар курдуга. Чааһынай хаһыаттар бэйэлэрин олохторунан олороллор, судаарыстыбаннай хаһыаттар – бэйэбит олохпутунан. Суруналыыстара да улаханнык билсибэт этилэрэ. Ил Түмэҥҥэ бырабыыталыстыба чааһа, бырабыыталыстыбаҕа парламент чааһа, министиэристибэлэр кэллиэгийэлэрин мунньахтара о.д.а. курдук тэрээһиннэргэ «судаарыстыбаннай суруналыыстары» эрэ ыҥыраллара. Ити көстүбэт сурааһын хойукка диэри баара, бу кэлин сотулунна: «тутулуга суох» суруналыыстар тэҥ бырааптанан бары мунньахтарга сылдьар кыахтаннылар. Кинилэри бары мунньахтарга ыҥыраллар, докумуоннары түҥэтэллэр.

Кинилэргэ маннык көҥүлү биэрэн былаас тугу да сүтэрбэтэҕэ, төттөрүтүн, элбэҕи сүүйбүтэ дии саныыбын. Чааһынай хаһыат суруналыыстар балаһыанньаны ыраахтан таайа олорбокко, ыытыллар үлэни чугастан кэлэн көрөллөр. Онон өрөспүүбүлүкэ олоҕун дьоҥҥо кырдьыктаахтык сырдатыы диэки киэҥ хардыы оҥоһулунна. Бары суруналыыстар уопсай сыалбыт ол. Маны мин, туһугар, өрөбөлүүссүйэ быһыытынан сыаналыыбын. Өй-санаа уларыйыытыгар тиэрдибит, бу сурааһыны соппут дьонтон биирдэстэринэн өрөспүүбүлүкэ саамай улахан медиа-менеджерэ буола үүммүт талааннаах суруналыыс, салайааччы Кирилл Викторович Алексеев буолар.

Кирилл Викторовичтыын илии тутуһан 2011 сыл сайыныгар билсибитим. Доҕотторбун кытта толкуйдаабыт «Медиатор» диэн өрөспүүбүлүкэ эдэр суруналыыстарын форумун иккис сылын Уус Алдан Суоттутугар тэрийэн буһа-хата сылдьар кэммит этэ. Кирилл Алексеевы (оччотооҕу «Наше время» ИД генеральнай дириэктэрин) лектор быһыытынан кэлэригэр көрдөспүппүт. Кырдьыгынан эттэххэ, кини кэлэригэр эрэммэтэҕим – сайыҥҥы өрөбүллэргэ Өлүөнэ паромнарыгар хайдахтаах уочарат үөскүүрүн үксүгүт билэр. Субуотаҕа Суоттуга туорааһын – киһи эрэ санаммат дьыалата. Кирилл Алексеев эдэр суруналыыстары кытта көрсүһэ тиийэн кэлбитэ, хайа эрэ номинацияҕа кыайбыт суруналыыска харчы бириэмийэ туттарбыта.

Кини өрүү киэн тутта «Мы – бумажные газетчики!» диэн этэрэ хаһыатчыт-суруналыыстарга сүрэхпит ортотунан киирэрэ. Кини хаһыатчыт, улахан хаһыатчыт этэ. Кэлин  төһө да дириэктэр бурҕалдьытын сүгэн хаһаайыстыбаннай боппуруостарга – үп-ас булуу, ФОТ, редакциялары хааччыйыы, миэбэл-көмпүүтэр, өрөмүөн, каадыр о.д.а. боппуруостарга баттатан олордор, кини кылаабынай эрэдээктэр тэһиинин хаһан да ыһыктыбатаҕа. Хаһыаттарын, саайтын кылаабынай эрэдээктэрин, таһаарааччы эрэдээктэри ыҥыртаан хас биирдии бырайыагы, хас биирдии тиэмэни хайдах сырдатары сиһилии ырытара, сорудах биэртэлиирэ.

Бырайыага санаа курдук сатамматаҕына сүрэҕэр олус чугастык ылынара, оҕолуу хомойоро. Бэйэтигэр уонна бэйэтин тулалыыр үлэһиттэригэр үрдүк ирдэбили туруорара. Бииргэ үлэлээбит биэс сылым устата «ээ, чэ, барсыаҕа» диирин биирдэ да истибэтэҕим. Ол оннугар хайа эрэ бырайыакпыт ситиһиилээхтик бардаҕына, оннооҕор биирдиилээн ыстатыйа интернеккэ элбэх «көрүүнү» ыллаҕына эмиэ оҕолуу үөрэрэ, батсаабынан: «Прокопий, обязательно проанализируйте этот успех. Молодцы, так держать!» диэн суруйбута, эрбэҕи хороппут бэлиэни ыыталаабыта билигин да баар.

Бэйэтэ туох эмэ саҥаны биллэҕинэ, аахтаҕына түүннэри-күнүстэри биһиэхэ бастаабынан сыылкалары ыыталыыра: «Я думаю это хорошая вещь. Прочитай, подумай как приспособить в наших условиях, в понедельник обсудим».

Сорохтор кинини судаарыстыбаннай хаһыаттары босхо ыытта, суолталарын түһэрдэ диэн  сэмэлииллэр. Ол эрэн мин, ити реформа саамай ортотугар сылдьыбыт киһи, бигэргэтэбин: Алексеев хаһыакка төлөбүрдээх сурутууну тута, хааллара сатаабыта. Үлүгэрдээх ороскуоту көрсөн да туран миигинэн бөлөх тэрийтэрэн, «тута атыылааһын» ньыманан улуустарынан сурутуу хомуйтара ыыталыыра. Ити ньыманан «Сахамедиа» суруналыыстара Дьааҥы, Өймөкөөн, Кэбээйи, Томпо, Ньурба курдук ыраах улуустар нэһилиэктэринэн, ыалларынан хаампыппыт. Сурутуу хампаанньатын кэмигэр итинник сору көрөн тыһыынчалыы сурутааччыны эбэр этибит. Ол да үрдүнэн уопсай сурутуу син биир түһэ турара. Олус хараастара: «Как быть?» — диэн хаста да ыйыппыта. Кэлин ааҕынан көрөн, толкуйдаан баран Ил Дархаҥҥа этии киллэрбит, сөбүлэҥин ылбыт этэ.

Онон, «босхо барыы» — кини биир сарсыарда уһуктан кэлээт ылыммыт быһаарыыта буолбатах этэ. Биир өттүнэн кыһалҕаҕа кыһарыйтаран, иккис өттүнэн нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар судаарыстыбаннай хаһыаты ааҕар кыаҕы биэрээри, ааҕааччы ахсаанын элбэтээри (10 тыһыынчаттан 55 тыһыынчаҕа тиийдибит). Дойду үрдүнэн сатыылаабыт сурутуу кириисиһин кэмигэр, Кирилл Алексеев толкуйунунан нэһилиэнньэ интэриэһин өрө тутар судаарыстыбаннай хаһыаттар нэмис гыммыппыт. Билигин хаһыаппыт чарааһаата эрээри, 55000 ыалга тиийэрбитин санаатахпытына, суруналыыстар санаабыт көтөҕүллэр, эппиэтинэспит улаатар. Ырыынак сыһыаннаһыытын быраабылатыгар олоҕурбут, дьон интэриэһэ учуоттаммыт быһаарыныыта.

«Суруксуттаабытынан суох буолар сурааһыннаах кэлбиккит…» диэн кырдьаҕас суруналыыс Уйбаан Ксенофонтов «Хаһыатчыттар» хоһоонугар суруйан кэбиспитинии, Кирилл Викторович бу олоххо эмиэ туспа сурааһыннаах кэлбит эбит… Кылгас олох, чаҕылхай олох.

Манна суруйбуппун барытын хаһан эмэ бэйэтигэр этиэм диэн кичэл санаалааҕым. Баҕар, кини эһиил 50 сааһын туолар үбүлүөйдээх киэһэтигэр эбитэ буолуо…

«Мультимедиа» (биир суруналыыс хас да былаһааккаҕа тэҥинэн үлэлээһинэ) диэн тыл кини олус өрө тутара. Биир холдинг хас биирдии суруналыыһа хаһыаты таһынан, интернет саайтка, социальнай ситимнэргэ суруйарын, телевидениеҕэ уһулларын ситистэ. Суруналыыстар саҥа талааннара арылынна. Билигин кинини чиэстээн «Мультимедийнэй суруналыыс» диэн Кирилл Алексеев аатынан Суруналыыстар сойуустарын бириэмийэтэ олохтоноро сөптөөх быһаарыы буолуох этэ. Хаһыаттар бэйэлэрин суоттарыгар бириэмийэлэри олохтуохтарын сөбүн Сойууспут былырыын көҥүллээбитин учуоттаатахха, ити кыаллыан сөп.

This post was published on 13.03.2018 13:28 13:28