Хаҥалас улууһун маастардара Сахабыт сирин кылгас сайынын баттаһа омук уонна Россия куораттарынан күүлэйдээн, аан дойдутааҕы уонна Россия таһымнаах уус-уран быыстапкаларга ситиһиилээхтик кытыннылар. Быйылгы сайын Хаҥалас маастардарыгар олус өлгөм бэлэхтэрдээх буолла.
Хаҥаластар Саха сирин талааннаах норуот маастардарын эҥэрдэһэн саҥа тахсан эрэр уустар, иистэнньэҥнэр атын дойдуларга бэйэлэрин айбыт үлэлэринэн араас таһымнаах көрүү-күрэхтэргэ кыттан, дьону-сэргэни кытта билсэн, астынан кэллилэр. Сылдьыбыт дойдуларыгар саха мындыр уус-уран оҥоһуктарын оҥорууга кистэлэҥнэрин көрдөрөн, маастар-кылаастары ыыттылар.
Москва куорат Илиҥҥи норуоттар искусстволарын государственнай музейа быйыл 100 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх музей бэс ыйын 24-26 күннэригэр “Люди с солнечными поводьями” диэн ааттаах дьикти быыстапканы тэрийэн ыытта. Бу тэрээһиҥҥэ биһиги улууспутуттан норуот маастардара Громова Анна Дмитриевна, Павлова Наталия Григорьевна, Варфоломеева Вера Семеновна, Черноградскай Семен Степанович үлэлэрэ турдулар. Быыстапка кэмигэр Анна Громова уонна Наталия Павлова тигиинэн интэриэһиргиир баҕалаахтарга маастар-кылаастары биэрдилэр.
Бэс ыйын 28-29 күннэригэр ыраах Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыт Х республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕар уустарбыт Хаҥалас улууһун чиэһин көмүскээн кэлбиттэрэ. “Тимир ууһун кистэлэҥэ” күрэххэ Петров Сергей Соломович батыйа оҥоруутугар “Төрүт үгэстэри туһаныы” номинацияны, “Дьөһөгөй оҕотун киэргэлэ-симэҕэ” ат симэҕин көрүү-күрэҕэр “Ситим” түмсүү (салайааччы Игнатьева Дора Сидоровна) анал номинацияны ылан үөрүү үктэллэммиттэрэ.
Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Улуу Туймаада ыһыаҕар Саха сирин көмүс тарбахтаахтарын быыстапкатыгар “Толору ат симэҕин тигиитигэр” Баишева Светлана Михайловна 1-кы миэстэни, Варфоломеева Вера Семеновна махтал суруктары ылбыттара. “Төрүт сахалыы иһит-хомуос ”номинацияҕа Черноградскай Семен Степанович 2-с миэстэҕэ тиксибитэ.
От ыйын 2 күнүгэр Гатчина куоракка Бүтүн Россиятааҕы “Лукоморье” диэн фестиваль иһинэн ыытыллыбыт быыстапкаҕа Громова Анна Дмитриевна сахалыы кыбытыгынан тигиилээх үлэлэринэн кыттыбыта.
От ыйын 5 күнүгэр “Орто-Дойду” культурнай-этнографическай комплекска “ЮНЕСКО ОЛОНХО дойдутугар” III Аан дойдутааҕы фестиваль буолан ааспыта. Тэрээһин иһинэн быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 35 маастар кыттыыны ылбыта.
От ыйын 27 күнүгэр Өктөмнөөҕү тыа хаһаайыстыбатын институтугар Хаҥалас улууһун сылгыһыттара Саха Республикатын Ил Дарханын Егор Борисовы кытта көрсүһүүтүгэр 12 маастар сылгы сиэлиттэн, кутуругуттан араас туттар малы, дьөһөгөйгө анаан тигиллибит ат симэҕин быыстапкаҕа туруордулар.
Атырдьах ыйын 12-20 күннэригэр Суздаль куоракка ыытыллыбыт “Душа России” Аан дойдутааҕы таҥас кырадаһыныттан тигиигэ фестивальга Варфоломеева Вера Семеновна уонна Константинова Дарья Гаврильевна ситиһиилээхтик кытыннылар. Маастардарбыт үлэлэрэ Бастыҥ үлэлэр ахсааннарыгар киирсэн Спас-Ефремиев монастырь истиэнэлэрин киэргэттилэр. Вера Варфоломееваҕа “За сохранение традиции”- анал аат иҥэрилиннэ. Дарья Константинова үлэтэ дипломунан бэлиэтэннэ. Маастардарбытыгар Суздаль куорат баһылыга махтал сурук туттартаата.
Атырдьах ыйын 18-21 күннэригэр норуот маастара Наталия Павлова Венгрия народнай художниктарын ассоциациятын ыҥырыытынан Будапешт куоракка 30-с Аан дойдутааҕы Норуоттар искусстволарын фестивалыгар 4 күн тухары Буда замогар тэриллибит быыстапкаҕа үлэлэрин көрдөрөн, маастар-кылаас ыытан айымньылаахтык кыттан кэллэ.
Балаҕан ыйын 15-19 күннэригэр IX Хотугу-Илиҥҥи регионнар икки ардыларынааҕы төрүт культураҕа «Лики наследия» Хабаровскай куоракка ыытыллыбыт фестивальга таҥас кырадаһанынан тигиигэ Скрябина Наталия Егоровна уонна кылтан оҥоһуктарга Андреева Лена Константиновна анал номинациялары ыллылар.
Балаҕан ыйын 16-18 күннэригэр Аан дойдутааҕы “Фестиваль Варгана-2016” Москва куоракка буолан ааста. Фестиваль чэрчитинэн хомус оҥорооччу тимир уустарыгар көрүү-күрэх буолла. Саха сирин хомус охсооччулара биир бастыҥнар ахсааннарыгар киирдилэр. Ол курдук биһиги Иван Ильич Христофоровпыт (Кириһээн Уус) “Оригинальная конструкция” номинацияҕа үс тыллаах хомуһунан 3 миэстэҕэ тигистэ.
Бэс ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйын ортотугар диэри “ЛенаТурФлот” “Михаил Светлов” уонна “Демьян Беднай” теплоходтарыгар “Орхидея” уруһуйдьут дьахталларыттан састааптаах айар бөлөх үлэлээтэ. “Якутск-Тикси- Якутск”, “Якутск-Ленские щеки-Якутск” круиз маршруттарынан барыта 7 маастар үлэлээн араас омуктары, Россия куораттарыттан сылдьар туристары сахалыы куттаах сувенирдары кылтан, туостан, түүттэн, тирииттэн, оҕуруоттан оҥоро үөрэттилэр. Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэрин уруһуйдуурга маастар-кылаас биэрдилэр.
Норуот маастара Семен Черноградскай сайын устата республикаттан улуустарыттан туос иһит тигиитинэн интэриэһиргээн кэлбит дьоҥҥо үс ый тухары маастар кылаастары ыытта.
Аҕыйах сыл иһигэр улууспутугар элбэх иистэнньэҥ, уус дьон аан дойду быыстапкалыыр саалатыгар турар үлэлэри айан оҥорон таһаарар буоллулар. Бу элбэх маастар-кылаастар тэриллэ туралларыттан, араас темаҕа семинар-практикумнар, научнай конференциялар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттарын быйаҥа. Элбэх наука үлэһиттэрин, искусствоведтарын, үрдүк таһымнаах норуот маастардарын, Саха Республикатын “Симэх” арт-галереяны кытары ыкса сибээстэһэн үлэлээһин түмүгэ диэн сыаналыыбын.
This post was published on 29.09.2016 09:55 09:55