Тиит-Эбэ «Сарыал» култууратын дьиэтин уораҕайыгар Хаҥалас улууһа Өрөгөй күнүгэр киэн тутта ыллыыр «Хаҥаластар буолабыт» гимн мелодиятын автора, бастакы дьөппөннөр баар суох тарбахха баттанар биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, мелодист, самодеятельнай композитор Михаил Степанович Атласов 85 сааһын бар дьонун кытта бэлиэтээтэ. Бу күн тэҥинэн Өрөгөй ырыата 25 сылын туолар үбүлүөйдээх күнэ бэлиэтэннэ.
Бар дьоммутун, ыалдьыттары киирии ааҥҥа буруолатан арчылаан, арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах туттубут. Тэрээһин 6 чаастан саҕаланна. Үөрүүлээх үбүлүөйдээх киэһэни 1 Дьөппөн нэһилиэгин, Тиит Эбэ сэлиэнньэ самодеятельноһын хорун толоруутугар «Хаҥаластар буолабыт» өрөгөй ырыатынан саҕалаатыбыт.
Үбүлүөйдээх киэһэҕэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Хаҥалас улууһун аҕа баһылыга Олег Иринеев Михаил Степановичка Хаҥалас улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар өр сыллаах өҥөтүн иһин бочуоттаах бэлиэ туттарада, 1 Дьөппөн нэһилиэк баһылыга Дмитрий Варламов «Сарыал» култуура киинин М.С.Атласов аатын иҥэрэргэ олохтоох депутаттар быһаарыы ылбыттарын ааҕан иһитиннэрдэ, эҕэрдэ кэрэ тылларын тиэртэ.
Кэрэ чааска Михаил Степановиһы эҕэрдэлээтилэр улууспут Арчы дьиэтин директора Л.В.Харитонова, үлэлээбит култууратын дьиэтин директора М.И.Михайлова, биир дойдулаахпыт, Россия журналистарын союһун чилиэнэ Е.Е.Скрябин, олохтоох оскуола учуутала А.А.Скрябина, Михаил Степанович уолун Петр бииргэ үөрэммит үөлээннэхтэрэ.
Биэчэр кэрэ түгэнинэн буолла юбиляр оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара тахсан истиҥ иһирэх тыллары тиэртилэр, минньигэс тордунан бар дьону күндүлээтилэр.
Михаил Степанович Атласов 85 сааһыгар аналлаах аһаҕас «Ырыа олох аргыһа» дьиэ кэргэнинэн ырыа толорооччуларын күрэҕэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Күрэх балаһыанньатынан кыттааччылар иккилии ырыаны, икки түһүмэххэ толордулар. Бастакы ырыалара патриотическай, иккистэрэ — көҥүл ырыа. Күрэххэ 9 дьиэ кэргэн кытынна, бары ырыа куттаах, ырыаны доҕор оҥостубут дьиэ кэргэттэр буолаллар.
Кылаан бирииһи — 50 000 солк — уу харчыннан тутта Өктөм сэлиэнньэтиттэн Фоминнар дьиэ кэргэн.
1 степеннээх лауреат аатын ылла Тумул сэлиэнньэтиттэн Максимовтар дьиэ кэргэн, 2 степеннээх лауреат аатын — Амматтан Матвеевтар дьиэ кэргэн, 3 степеннээх лауреат аатын Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн Давыдовтар дьиэ кэргэн.
1 степеннээх дипломант аатын ылла Бокуруоскай куораттан Поисеевтар дьиэ кэргэн, 2 степеннээх диплому туттулар Покровскай куораттан балтылыы-убайдыы Харитоновтар, 3 степеннээх диплому ыллылар 1 Дьөппөнтөн Марков аймахтыылар.
Күрэх «Көрөөччү биһирэбилэ» аатын ылла 1 Дьөппөнтөн Тарасовтар дьиэ кэргэн, «Дьулуурдаах дьиэ кэргэн» аатын ылла Покровскай куораттан Петровтар дьиэ кэргэн.
Кыайыылаахтар, анал ааты ылбыттар бары 1 Дьөппөн сэлиэнньэтин тэрилтэлэрэ туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Быйылгы сылбыт дойдуга дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ ырыа толорооччуларын күрэҕэр улахан суолталаах буолла, дьиэ кэргэнинэн кыттан, бары бииргэ ыллааһын эмиэ судургута суох үлэ. Кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит,өссө сайда туруҥ, ыраахха дылы ааттаныҥ. Ырыа киһини кэрэҕэ эрэ угуттуур, ыллааҥ, ырыаны таптааҥ. Тэрээһиммитин тэрийэн ыытарбытыгар күүс — көмө буолбут дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит, СИА-ҕа суруйда «Сарыал» култуура киинин директора Мария Ивановна Михайлова.
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Мария Федулова
This post was published on 10.04.2024 12:01 12:01