Саха АССР 100 сылыгар, Хаҥалас оройуонун историятын бэлиэ сылларыгар анаан “Өбүгэ ситимэ” куонкурус-көрүү Покровскайга буолла. Улуустааҕы “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинэ көҕүлээһининэн, култуура үлэһиттэрэ ытык сирдэргэ сүгүрүйүү ыйыгар анаан дьаһалга кытыннылар. «Хомойуох иһин 20-чэ кулууптан үс эрэ нэһилиэк кыттыыны ылла«, — диэтэ киин дириэктэрэ Лидия Харитонова.
Төрөөбүт сир историятын, Ытык сирдэри, дьоһун дьонун билэр, олохтоох олоҥхоһуттары, алгысчыттары, норуот ырыаһыттарын, тойуксуттары, оһуокайдьыттары, олоҥхоһуттары, норуот маастардарын сырдатар сыаллаах куонкурус Хаҥалас улууһугар тэрилиннэ.
Бэстээхтэн “Олимп” култуура киинэ, дириэктэр Виктория Викторовна Устинова уонна библиотекарь, Улуус мунньаҕын сэбиэтин депутата Бочоева Лариса Степановна кытыннылар. Кинилэр дьоһун-мааны киһилэрин, бэтэрээннэр сэбиэтин бэрэссэдээтэлин, айылҕаттан айдарыылаах, тарбаҕар талааннаах Жуков Егор Петрович туһунан истиҥ-иһирэх слайд оҥорон аҕалан, көрдөрдүлэр.
Тиит-Эбэ “Сарыал” кулуубун исписэлииһэ Мария Григорьевна Дъячковская уонна библиотекарь Айталы Александровна Леонтьева “Дыгын маһа” диэн Марина Владимировна Кононова устубут документальнай киинэтин көрдөрдүлэр, уруккута физультуура учуутала, билигин сынньалаҥҥа олорор, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Филиппов Иван Ионович туһунан кэпсээтилэр.
Хоточчу библиотекара Ядреева Лира Михайловна “Буденнай колхуос” бэрэссэдээтэлэ диэн ааттаан Варламов Андрей Николаевич туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥорбут хаартыскалаах сайданы бэлэмнээн ыыппыт запиһын көрдүбүт.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1 миэстэни анаатыбыт Хоточчу библиотекатын үлэһитигэр, “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньыта олохтообут бирииһин “Сунтаар” маҕаһыынын 2000 солкуобай суумалаах сертификатын үөрүүлээх быһыыга туттарда.
2 миэстэни тиит-эбэлэр “Алгыстаах Аартык” түмсүү салайааччыта А.А. Друзьянов спонсордаан 1000 солк уу харчыннан ыыппытын туттарда, 3 бочуоттаах миэстэ ананна бэстээхтэргэ. Кинилэр “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньыта олохтообут бирииһин “Сунтаар” маҕаһыынын 1000 солк суумалаах сертификатын туттулар.
Экспертнай сэбиэккэ үлэлээтилэр: Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын исписэлииһэ Сахая Михайловна Потапова, “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Лидия Васильевна Харитонова, киин методиһа Наталия Тимофеевна Федорова.
Түмүккэ алтынньы ыйга, ураты харыстанар ытык сирдэри, талааннаах, үлэһит дьону үйэтитэр сыалтан, кинилэри болҕомтоҕо уурар туһуттан Улуус депутаттара, култуура, библиотека, музей үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр кыттыылаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытарга былааннаатылар.
«Ол курдук билиҥҥи балысханнаах сайдыылаах олоххо ытык сирдэрбитин харыстыыр туһуттан сокуон хараҕынан көрөн, туспа ураты харыстанар сир диэн докумуон оҥоһуллара ирдэнэр уонна үүнэр көлүөнэ ыччаппытыгар анаан култуура бары үлэһиттэрэ, айылҕаттан айдарыылаах өбүгэбит дьонун үйэтитэн фонда оҥорууга бары үлэлиэх тустаахпыт.
Онон бу бастакы ытык сиргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, сиэргэ-туомҥа аналлаах сүгүрүйүү тэрээһинэ, бу ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон сэргэхсийбит харахтарын көрөммүн олус астынным, бу бырайыак инникилээх буолсу диэн эрэл үөскээтэ«, — диэн суруйда СИА-ҕа Лидия Харитонова.
This post was published on 13.06.2022 15:01 15:01