Хаҥалас улууһугар култуура эйгэтин иһинэн айар куттаах, дьону түмэр араас түмсүүлэр үлэлииллэр. Олортон биирдэстэринэн ырыа айааччылар буолаллар. Бу түмсүүнү иккис сылын оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, республикаҕа биллэр дэгиттэр талааннаах Галина Ивановна Иванова салайан үлэлэтэр.
Галина Ивановна Хаҥалас улууһугарр айылҕаттан айдарыылаах, ырыа, хоһоон суруйар, уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар биир тарбахха баттанар киһибит буолар. Кини норуот маастара, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ.
Галина хас да сыллааҕыта ырыа айааччылар эйгэлэригэр хоһоонньуттар түмсүүлэриттэн киирбитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта улуустааҕы мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта үлэтин хайысхатын, инники былаанын туһунан санаатын үллэһиннэ. Ол курдук, бастатан туран, култуура үлэһиттэрин көмөтүнэн нэһилиэктэринэн олохтоох мелодистары биирдиилээн чопчулаан, анкета толотторон улууска баар ситим баазаны чөлүгэр түһэрэр санаалаах. Иккиһинэн, олохтоох ырыа айааччылары киэҥ эйгэҕэ таһааран, дьоҥҥо-сэргэҕэ айар үлэлэрин билиһиннэрэрдии, улууска ырыа күрэҕин дьоһуннаахтык тэрийии буолар.
Биллэн турар, инникитин улуустааҕы култуура управлениетын уонна “Арчы Дьиэтин” көмөтүнэн түмсүү үлэтин ситимин быспакка бииргэ түмсэн үлэни-хамнаһы бэйэ ыккардыгар быһаарсыы, саҥа ырыалары ырытыһыы, сүрэхтээһин, араас тэрээһиннэри тэрийэргэ сүбэ мунньахтары ыытааһын буолар. “Арчы Дьиэтин” уус-уран салайааччыта Мотрена Егоровна Гаврильева нэһилиэктэринэн экспедиция тэрийэн улуустааҕы фонданы хомуйууга үлэ барыахтааҕын, чугас сытар улуустарынан уопут атастаһыытыгар гастрольнай айаннары тэрийиэхтээҕин, улуустааҕы түмсүү уонна мелодист буоларын туоһулуур дастабырыанньа уонна түөскэ кэтэр бэлиэ оҥоһуллуохтааҕын чиҥэтэн эттэ.
Ити курдук, түмсүү үлэтэ кэскиллээх буоларын туһугар, мелодистарбыт ырыаларын олорор нэһилиэктэрин эрэ ыырынан буолбакка, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыалтан Галина Ивановна киэҥ сиринэн үлэ ыыта сылдьарын билиһиннэрдэ. Хас биирдии айааччыга музыкатын нуотаҕа түһэрии улахан кыһалҕа буолара кистэлэҥ буолбатах. Маны быһаарар сыалтан республикатааҕы мелодистар сойуустара дьоҕус сыанаҕа көмө оҥороллоругар кэпсэтиини ыытта, ону тэҥэ ырыалары үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыалтан ырыанньык бэчээттэтэр баҕа санаалааҕын иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куоракка республикатааҕы музыка уонна фольклор музейыгар мелодистарбыт үбүлүөйдээх саастарын бэлиэтиир айар киэһэлэрин тэрийэн ыытарга музей директорын Корнилова Мария Ильиничналыын кэпсэтии ыыта сылдьарын уонна «САХА» НКиК араадьыйата ыытар “Ырыа кырдала” бырайыакка Михаил Атласов айар олоҕун туһунан аудио-матырыйааллары улуустааҕы “Арчы Дьиэтин” кытары хомуйан бэлэмнии сылдьарын кэпсээтэ.
Ааптар: Галина Семенова
This post was published on 21.09.2021 14:28 14:28