«Саргы Түһүлгэтэ” культура киинигэр Хаҥалас улууһугар Олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Тэрээһини алгысчыт Андриян Семенович Белолюбскай арчылаата.
Еремей Петрович Яковлев – Той Дьэримиэй «Чэмэриллэ Чээчик» олоҥхотуттан быһа тардыыны толорон иһитиннэрдилэр Тит-Эбэ нэһилиэгин орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Н.М.Маркова). Саха норуота билиҥҥи кэмҥэ сайдыылаах, үөрэхтээх, өйдөөх омук быһыытынан аан дойдуга билиннэ. Бу сайдыыга биһиги өбүгэттэн илдьэ кэлбит төрүт культурабыт, ийэ тылбыт сирдээн аҕалла. Олоҥхобут айымньыта бары өттүттэн баай, ис хоһоонунан, кээмэйинэн уратылаах, саха норуотун киэн туттуута буолар.
Хаҥалас улууһугар Олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыытын биллэрдэ улуустааҕы олоҥхо ассоцияциятын бэрэссэдээтэлэ Сахаайа Владимировна Громова. Олоҥхону салгыы сайыннарарга, кэнэҕэски көлүөнэҕэ чөл тиэрдиигэ үлэ биһиги улууска былааннаахтык ыытыллар. Улууспутугар элбэх биллиилээх дьоммут юбилейдарын бэлиэтээн араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук Хаҥалас улууһун Арчы Дьиэтин норуотун айымньытын киинин директора Лидия Васильевна Харитонова Егор Лукин – Түммүт Дьөгүөр олоҕун, үлэтин чинчийэн кинигэ тахсарыгар күүстээх үлэни ыыта сылдьар. Лидия Васильевна бу үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ. Олоҥхо сайдыытыгар үлэлэһэр улууспут ансаамбыллара, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, тарбахтарыгар талааннаах иистэнньэҥнэр бэлиэтэннилэр.
Оһуокайы оройуттан туттулар Булгунньахтаахтан «Айылгы» фольклорнай ансаамбыла (салайааччы Наталья Сивцева), Андриан Белолюбскай (Өктөм нэһилиэгэ), Нам республикатааҕы ыһыаҕын оһуокайга кыайыылааҕа Эрик Егоров (1 Дьөппөн). Төхтүр нэһилиэгин “Кэскил” хомусчуттар норуодунай ансаамбыллара тэрээһини киэргэттэ. Олоҥхо декадатын көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кыттыыны уонна сыанабылы ылбыт саха төрүт таҥаһын уонна түрдьэ уруһуйун быыстапката тэрилиннэ, диэн иһитиннэрэр СИА-ҕа Надежда Степанова, Хаҥалас улууһун «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин методиһа.
This post was published on 27.11.2019 17:50 17:50