Хаҥаласка коронавирустаабыты кытта алтыспыт 74 киһи баара билиннэ

Хаҥалас улууһугар ыалдьыбыт иккис киһи анаалыһа коронавируска бигэргэннэ. СИА суһал штабка сигэнэн суруйарынан, ыалдьыбыт киһи медик, улуустааҕы балыыһаҕа үлэлиир.


«Тустаах медицина тэрилтэтигэр харантыын биллэрилиннэ. Ыарыһахтар инфекционнай стационарга эмтэнэллэр, алтыспыт дьоно биллэн, анаалыс туттараллар», — штаб пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаҥалас улууһугар икки киһи коронавирустаата уонна 74 киһи кинилэрдиин алтыспыта билиннэ.  19 дьиэлэригэр «самоизоляцияланаллар», 16 медицина кэтээн көрүүтүгэр баар, 33 обсерваторга киирдилэр, алта киһи — үлэлэрин миэстэтигэр.

«Хаҥалас улууһун суһал штаба олохтоохтору дьиэлэригэр олороллоругар, санитарнай миэрэни тутуһалларыгар ыҥырар. Доруобай буолуҥ, харыстаныҥ!», — диэн Хаҥалас улууһугар эттилэр.

This post was published on 28.04.2020 17:02 17:02