Хаҥалас улууһугар Орто Дойду этнокомплеһыгар балаҕан ыйын 17 күнүгэр «Күһүҥҥү күүлэй» ыытылынна.
Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын атыы-эргиэн дьаарбаҥката, норуот маастардарын быыстапката, олохтоох ырыаһыттар, «Эркээни эдэр сааһа», “Хаҥаласчаан” үҥкүү коллективтара кыттыылаах концерт бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Дьокуускай куорат уонна Хаҥалас улууһун оһуокайдарын түмсүүлэрэ кыттыылаах киэҥ түһүлгэлээх оһуокайга барыта 11 этээччи кытынна. Көрүү түмүгүнэн бастыҥ оһуокай этээччилэринэн буоллулар:Тихонова Розалия, Ньурба, Игнатьев Данил, Үөһээ Бүлүү, Жирков Михаил, Мэҥэ-Хаҥалас, Семенова Пелагея, Хаҥалас. Кыайыылаахтарга «Илгэ» сурунаал кылаабынай редактора Ю.П. Борисов спонсордаан, “Байанай” сурунаал саҥа нүөмэринэн, сэмэй бэлэхтэринэн наҕараадалаата.
«Күн сылаас буолан бары да кэлбит дьон дуоһуйа күһүҥҥү салгынынан сайа тыынан, күүс-сэниэ иҥэриннибит. Аныгыскы сылга маннык тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытар буоллахха, эрдэттэн былааҥҥа киллэрэн, үп-харчы көрдөрөн ыыттахха тэрийэр дьоҥҥо да чэпчэки буолуо этэ», – диэн Хаҥалас улууһун оһуокай түмсүүтүн салайааччыта Лидия Харитонова санаатын үллэһиннэ.
This post was published on 20.09.2016 14:14 14:14