От ыйын 30 күнүгэр Хаҥалас улууһугар эр киһи сүттэ. СИА-ҕа биллибитинэн, эр киһи Невердиир суол 140-с км доҕотторун кытта сир астыы барбыт уонна сүппүт.
«Кини улахан уопуттаах булчут уонна балыксыт. Кини муммутуттан соһуйдубут. Хаҥаласка көрдүүр бөлөх үлэлиир. Киһи тиийэригэр уустук сирдэр көрдүүр үлэни атахтыыллар», — диэн эр киһи аймахтара этэллэр.
Быыһыыр сулууспа дааннайдарыгар олоҕурдахха, Хаҥаласка 19 быһааччы үлэлиир. Кинилэри иккис кылаастаах көрдөөччү Баатыр Сейдалов салайар. Үс бөлөххө кинологтар, пилота суох көтөр аппарааттар сыһыарыллыбыттар.
«Ити аппарааттарга көстүбүтүнэн, икки итии миэстэ көһүннэ. Сүппүт дьон онно уот оттубут буолуохтарын сөп. Ити хайысханан үлэ барар», — диэн Быыһыыр сулууспаҕа эттилэр.
Баҕа өттүлэринэн көрдүүр үлэҕэ кыттыһар дьону билиҥҥитэ ылбаттар. Уопуттаах көрдүүр экспедиция кыттыылаахтара, полиция үлэһиттэрэ бөлөххө бааллар.
This post was published on 02.08.2016 11:24 11:24