Покровскай куоракка “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ улуус таһымнаах “Хаҥалас утума” оҕолорго аналлаах олоҥхолуурга куонкурус ыыттылар.
Хаҥалас улууһугар 2007 сыллаахтан Олоҥхо бырагыраамата олоххо киириэҕиттэн, уол оҕону олоҥхоҕо сыһыаран, ийэ тылларын сайыннарар сыаллаах-соруктаах «Уол оҕо – Олоҥхо бухатыыра» диэн ааттаах бэстибээл 2013 сылга дылы ыытыллыбыта.
Бэстибээли Хаҥалас улууһун култуураҕа салалтатын норуот айымньытын киинин салайааччыта Гаврильева Мотрена Егоровна иилээн-саҕалаан тэрийбитэ.
Ураты суолталаах тэрээһин үс хайысхаҕа араарыллан ыытыллара: олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу, олоҥхоҕо научнай-чинчийэр үлэлэргэ дакылаат суруйуута, олоҥхо геройдарыгар аналлаах уруһуй. Уопсайа 6-тан 18-гар диэри саастаахтар 2000-тан тахса кэриҥэ оҕо кытынна.
Бэстибээл түмүгүнэн миэстэлэспит оҕолорбут Лыткин Мичил, салайааччыта Кириллина Е.И. — Булгунньахтаах, Аммосов Максим Тиит-Арыы, бөлөҕүнэн толорууга Төхтүр уолаттара, салайааччылара Сидорова Д.Д., Уулаах-Аантан Заморщиков Максим, салайааччыта Шепелева Н.В., Соломонов Дима Үөдэй, салайааччыта Григорьева И.Н., бөлөҕүнэн толорууга 1-кы Дьөппөн уолаттара, сал. Прокопьева С.И., Дархан Тихонов, салайааччылар А.М. Олесова, Лена Васильевна Харитонова, бөлөҕүнэн толорууга “Кыымчаан” оҕо саадын иитиллээччилэрэ Улахан-Аантан өрөспүүбүлкэҕэ ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун», өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыахтарыгар, Олоҥхо декадаларыгар уонна сайыҥҥы улуустааҕы «Хаҥалас утума» лааҕырыгар кыттаннар, үгүс элбэх ситиһиилэммиттэрэ.
8-с төгүлүн ыытыллыбыт Олоҥхобут ыһыаҕар “Уол оҕо олоҥхо бухатыыра” кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
«Олоҥхобутун үйэтитэр инниттэн, 2018 сыллаахтан бу бэстибээли сөргүтэммит “Хаҥалас утума” диэн саҥалыы ааттаан тэрийэбит. Манна кыыстыын, уоллуун бары кытталлар, бэстибээл олоҥхону олоҕурбут ньыманан уонна театрализованнай туруоруунан кыттыахтарын сөп, ону таһынан уруһуйга кытталлар», — диэн кэпсээтэ «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин салайааччыта Лидия Харитонова.
Бүгүн “Хаҥалас утума” бэстибээл 3-с төгүлүн ыытылынна, барыта 61 оҕо кытынна. Бу сырыыга оҕолор олоҥхо толоруутугар уонна уруһуйга саастарынан арахсан кытыннылар.
Бу күн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Лидия Васильевна Харитонова – Хаҥалас улууһун «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин салайааччыта, Мотрена Егоровна Гаврильева – Хаҥалас улууһун «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта, Дмитрий Дмитриевич Ющенко – Хаҥалас улууһун «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин методиһа, Надежда Валерьевна Степанова Хаҥалас улууһун «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин методиһа.
Көрүү түмүгүнэн кыайыылаахтарынан ааттаннылар:
Уруһуйга: 1 бөлөххө (7 – 13 саастаахтарга) 1 миэстэ Анела Архипова 10 саастаах “Аал кудук мас” үлэтэ , салайааччыта В.П.Тырылгина – Хачыкаат, 2 – миэстэ Сандаара Шевелева 8 саастаах “Олоҥхоһут оҕонньор” үлэтэ – Өктөм, 3 миэстэ Лейла Артемьева 10 саастаах “Ыһыах алгыһа”, сал. В.П.Тырылгина — Хачыкаат, 2-с бөлөххө (13 – 17 саастаахтарга) Алина Забаровская 13 саастаах “Орто Дойду дьоно” сал. И.И.Слепцова – Өктөм, 2 миэстэ Света Скрябина 14 саастаах “Туйаарыма – Куо” үлэтэ, сал. А.Е.Старостина – Кыһыл Үрүйэ, 3 миэстэ Анна Каземирова 14 саастаах “Шаманка верхнего мира” сал. С.П.Тимофеева – Бэстээх.
Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга: 1 бөлөххө (3 – 6 саастаахтарга) 1 миэстэ Дима Сулейманов 5 саастаах, салайааччылара Л.С.Максимова, И.Н.Игнатьева – Хачыкаат, 2 миэстэ Милена Олесова 6 саастаах, Кирилл Голоков 6 саастаах “Кыымчаан” дьыссаат иитиллээччилэрэ, сал. Олесова А.М. — Улахан-Аан, 3 миэстэ Сарыал Захаров 6 саастаах, сал. Ф.И.Фомина – Өктөм, бөлөҕүнэн толорууга “Чобуо” фольклорнай бөлөҕө 8 саастаах оҕолор, сал. С.С.Федорова — Ой, 1 миэстэ Владик Афанасьев 11 саастаах, сал. М.Н.Васильева – Улахан-Аан, 2 миэстэ Гермогенов Арчын 12 саастаах, сал. Т.Е.Лебедева – Покровскай куорат, бөлөҕүнэн толорууга 1 миэстэ “Саһарҕа” Тиит-Эбэ 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, сал. Н.М.Макарова, 2 миэстэ “Олоҥхоһут оҕолор” Тиит-Арыы оскуолатын үөрэнээччилэрэ, сал. Т.П.Самсонова — Чкалов, 3 миэстэ “Чугдаар” 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, сал. С.С.Федорова, П.И.Попова – Ой, 1 миэстэ Мичил Федоров 16 саастаах сал. С.И.Прокопьева – Тиит-Эбэ. Анал ааттар кыайыылаахтара “Бастыҥ уһуйааччы” Надежда Михайлована Макарова Тиит-Эбэ, “Кылыһахтаах куоластаах толорооччу” Антонина Козловская – Тиит-Эбэ, “Олоҥхо геройун бастыҥ толорооччута” Виталий Скрябин – Тиит-Эбэ ааттаннылар.
Кыайыылаахтарга анал дипломнары, туоһу суруктары Г.У.Гермогенов – Эргис кинигэлэрин уонна “Саха омук саарына” Гавриил Колесов диискэлээх буклетын бэлэх туттулар.
This post was published on 02.03.2020 10:17 10:17