22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаҥалас уруһуйдьуттарын хартыыналара Москватааҕы быыстапкаҕа сэҥээриини ыллылар

10:01, 13 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Москва куоракка Арассыыйа худуоһунньуктарын Союһун В.Д. Поленов аатынан Киин быыстапкалыыр саалатыгар Улуу Кыайыыны уруйдаан, “Великому подвигу посвящается…” диэн самодеятельнай худуоһунньуктар ойууларын улахан быыстапката тэриллэн турбут. Россия 57 регионуттан 600-чэкэ уруһуйдуур таланнаахтара уонна норуот маастардара кыттыыны ыллылар. Хаҥалас улууһуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Арассыыйа худуоһунньуктарын Айар Союһун чилиэнэ Владимир Кимович Аммосов уонна Марфа Михайловна Самсонова хартыыналара ситиһиилээхтик кыттан, киэҥ көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.


Москва куоракка ыытыллыбыт киэҥ хабааннаах быыстапкаҕа живопись, графика, скульптура, пластика, уус-уран оҥоһуктар араас көрүҥнэрэ көрдөрүүгэ тахсабыттар.

Тэрээһин туһунан Владимир Кимович кэпсээтэ:

— Москаҕа буола турар быыстапкаҕа мин «Кыайыы күнэ» диэн мастан кыһан онорбут үлэм талыллан барбыта. Бу улахан бүттүүн Россиятааҕы бырайыакка кытыбыппыттан үөрэбин да, долгуйабын да. Быыстапка бастакы түһүмэҕэ Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэбит самодеятельнай худуоһунньуктарын «Подвиг народа» көрүү-күрэҕэр ааспыта. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 24 үлэ талыллыбытыттан, 14 үлэ бэлиэтэнэн салгыы Москваҕа барбыта. Саха Сириттэн быыстапка кураторынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ, норуот маастара, худуоһунньук Полина Николаевна Слепцова үлэлээн, иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Быыстапка Улуу Кыайыыны уһансыбыт аҕаларбыт, эһэлэрбит, эбэлэрбит, сэрии ыар сылларыгар тыылга үлэлээбит оҕолор, дьахталлар үлэлэрин көрдөрөр, үйэтитэр сыаллаах ыытылынна. Быыстапка өссө биир ураты сыалынан самодеятельнай худуоһунньуктары, ол эбэтэр анал худуоһунньук идэтэ суох, боростуой норуоттан тахсыбыт талааннары арыйыы, сырдатыы буолар.

Кини эппитинэн, Арассыыйатааҕы быыстапка уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэр түмүктэринэн «Кыайыы күнэ» хартыыната дипломнарынан бэлиэтэннэ. Уопсай түмүгүнэн кыайыылаахтарынан 9 регион таҕыста: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Забайкальскай, Алтай, Красноярскай, Ставропольскай кыраайдар, Кировскай, Воронежскай, Тверской уобаластар, Москва (г.Балашиха) буоллулар. Быыстапка чэрчитинэн араас таһымнаах айар лабораториялар, анал үөрэхтэр ыытыллыбыттар. Маастардар уонна худуоһунньуктар киэҥ сиргэ баран, көрөн-истэн, сайдан кэлэр баҕалаахтарын эттилэр. Ол эрэн пандемия биллэриллэн, элбэх айан тохтоото.

Кэпсиир Марфа Михайловна Самсонова:

— Улуу Кыайыы үбүлүөйүн көрсө “Великому подвигу посвящается…” диэн Москва куоракка ыытыллыбыт самодеятельнай худуоһунньуктар быыстапкаларыгар мин “Үчүгэй сонун” диэн уруһуйбунан кыттыыны ыллым. Уруһуйдуур дьоҕурбун «Орхидея» түмсүүгэ дьарыктанан сайыннарбытым. Салайааччыбыт худуоһунньук, культура туйгуна Галина Дмитриевна Семенова элбэххэ үөрэтэн ситиһиилэнним дии саныыбын. Бэйэм Покровскай куорат №3 нүөмэрдээх оскуолатыгар доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго ахсаан учууталынан үлэлиибин уонна кинилэргэ уруһуй куруһуогун ыытабын. Үөрэнээччилэрим уруһуйдара куруук быыстапкаларга кытталлар, конкурстарга ситиһиилээхтэр.

“Үчүгэй сонун” хартыынабын уруһуйдуурбар аҕам, Ордахов Михаил Алексеевич ахтыыларын туттубутум. Кини Таатта улууһун (уруккута Алексеевскай оройуон Игидэй нэһилиэгэ) олохтооҕо, үлэ уонна тыыл ветерана, «Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр 1941-1945 сылларга Үлэҕэ килбиэнин иһин” И.В.Сталин медалынан 16 сааһыгар наҕараадаламмыт. Сэрии кэмигэр аҕам 12 сааһыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит. Кини ахтыытыттан  маннык эбит: “… 1945 сыл. Саас буолан ыһыыга бардыбыт. Элбэх сонуокка уон булуугунан таттаран бурдук ыһабыт. Сардаҥа колхоз илиҥҥи учаастагар сонуоктарбыт Көндү халдьаайыта, Миндилийэ халдьаайыта, Бачыйа сонуога, Куссумар арҕаа сонуога, Ньэмэдьэ, Кураанах Араҥас, Уулаах Араҥас сонуоктара, Ньыллаҕа сарай аттынааҕы сонуок уонна Кубалаах сонуога. Бу саас хаар эрдэ баран ыһыы эрдэ бүппүтэ. Арай бэстилиэнэй Кубалаах сонуогун таттара сырыттахпытына куула тыа суолуттан көҕөччөр ыҥыыр аттаах киһи “Ураа!” хаһыынан муус өкөчөҥүнэн сүүрдэн киирдэ. Биһиги соһуйдубут ахан, уон булуугунан субуруһан сир таттара сылдьарбыт, мин кэннилэриттэн суха тутан иһэр этим. Киһибит ата бырдаҥалаан бэргэһэтэ дулҕаҕа туллан түстэ, ону мин сүүрэн баран аҕалан биэрдим. Кыайыы буолбутун, сэрии бүппүтүн истэн үөрүү-көтүү бөҕө, бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэстибит, илии-илиибитин тутустубут кыыс буоллун, уол буоллун, оҕонньор буоллун, наһаа үөрүү! Бу Игидэй партийнай тэрилтэтин секретара, СПО председателэ Крылов Николай Константинович этэ, олох ол үөрүүлээх күнү умнубаппын. Кыайыы күнэ, кини үтүө сардаҥата биһиги сүрэхпититтэн хаһан да, тыыннаахпыт тухары арахсыа суоҕа. Умнуохпут суоҕа!                                                             

Аҕам кэпсээнин санаан кэлэн олус долгуйан альбоммар эскиз оҥорон саҕалаабытым. Өрөбүлгэ,  кулун тутар 24 күнүгэр, үлэбин сарсыардаттан туттаран, быыстапкаҕа ол күн ыйаныахтаах этэ. Бу кэмҥэ мин ыалдьан балыыһаҕа сыппытым. Саатар аҕыйах хонук эрдэ тахсыбыт киһи баттаһыам этэ диэн долгуйдум ахан. Аҕам баара буоллар бэс ыйыгар 90 сааһын туолуохтааҕа. Аҕам аатын үйэтитэн, Кыайыы 75 сылыгар анаан хайаан да кыттыыны ыллахха сатанар диэн сананным. Балыыһаттан тахсаат, ол киэһэ хортуоммун грунтовкалаан бэлэмнэнним. Күнү быһа ыксыы-ыксыы  бэлэмнээбит эскизпынан түүн 4 чааска бүтэрдим. Хата акриловай краска буолан, түргэнник хатан сарсыарда хартыынабын туппутунан куораттаатым. Тиийбитим бары аҕалан хыйыы-үйэ ыйыы сылдьаллар, кэпсэтии-ипсэтии, үлэ бөҕөтө. Мин көрөн баран кыбыстан уонна аанньа утуйбакка да сылдьан көрөн олордум. Ол курдук үчүгэй үлэлэри аҕалбыттар, олох хаартыска курдук, наһаа да үчүгэйдик уруһуйдуур эбиттэр, төһө эрэ өр үлэлээтэхтэрэ кыһаллан, мин буоллаҕына биир түүн, өссө кыттаары олоробун диэн кыбыстан туора ууран кэбистим, чэ, кэлин тупсаран баран кыттыллыа диэн санаатым. Ону Пелагея Николаевна салайааччыбыт: “Тоҕо биэрбэккин уруһуйгун?” – диэтэ. “Ээ миэнэ табыллыбатах, кэлин кыттыам” — диэтим. Бары көрдөр диэн хаайдылар. Пелагея Николаевна көрөн баран “Олох атын буочар, дьиҥнээх наивнай уруһуй, ис хоһооно да олох атын, үчүгэй, аҕал ыйыыбыт” — диэтэ. Уолаттар быалыы оҕустулар уонна көмөлөөн ыйаан кэбистилэр. Онон мин махтанабын быыстапка салайааччытыгар Пелагея Николаевна Слепцоваҕа таба көрөн, хайҕаан, санаабын көтөҕөн кытыннарбытыгар. Ол хартыынам ити быыстапкаҕа диплом ылбыта, онон регионнааҕыга кыттар кыахтаммыта.

Түмүгү таһааралларыгар долгуйуу бөҕөтө, лауреат буолбуттар Москваҕа Бүтүн Россиятааҕыга кытта барыахтара диэн эппиттэрэ. Приморскай край, Камчаткаттан, Забайкальеттан о.д.а. бааллара. Онно Унарова Зоя Ивановна РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин  искусствотын үтүөлээх үлэһитэ эппитэ: “…наивное искусство – простота, выразительность рисунка в двухмерном пространстве, особая доверчивая интонация, искренность чувств. … Лошадь так бежит с радостной вестью… ” — диэн. Бу быыстапкаҕа кэлэ сылдьыбыта  Бобрихин Андрей Александрович, философскай наука кандидата, Екатеринбург түмэлин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын наивнай искусствотын салаатын сэбиэдиссэйэ бэлиэтээн эппитэ: “Мы здесь смотрим творчества художников-любителей. Людям выразиться в картинках”. Кини бэлиэтээһинигэр мин саамай үөрэ истибитим, өйдөөн хаалбытым диэн: «Народная память из воспоминаний семьи – это самое ценное” диэбитэ буолар. Бу быыстапкаҕа улахан үөрүү, мин хартыынам лауреат дипломун ылбыта, бу баҕарбыт баҕа санаам туолан үбүлүөйдээх сылга, Кыайыы 75 сылыгар анаммыт Россия таһымнаах быыстапкаҕа кыттар буолбута. Ол сайыны быһа хартыынабын илдьэ куоракка киир да таҕыс, хаартыскаҕа да түһэрэллэр, докумуон бэлэмнииллэр, онон үлэм каталогка киирбитэ. Билэр дьонум хайа туох ааттаах наар бу хартыынаҕын илдьэ сылдьаҕын диэн күлэллэр этэ.

Оттон быйыл 2020 үбүлүөйдээх сылга Москва куоракка хартыынам “Үчүгэй сонун” (“Хорошая новость”) диэн кытынна, дьиҥэр бэйэм ааттаабытым “Үөрүүлээх Сонун” (“Радостная новость”) диэн этэ. Мин санаабыт баҕа санаам туолбутугар наһаа үөрэбин уонна биир дойдулаахтарбын сааһыттан тутулуга суох уруһуйдуур баҕа санаалаах буоллаххытына уруһуйдаан дуоһуйуҥ, кэрэни айан бэйэҕит доруобуйаҕытын тупсарыныҥ, уруһуйгут ситиһиитинэн күүскүтүгэр күүстэ эбиниҥ диэн ыҥырабын. Хаһан да саҕалаамыахтааҕар хойутаан да саҕалаабыт ордук.  Ол эрээри туох барыта бириэмэтигэр оҥоһуллуохтаах, ааста да ааһар. Маннык уруһуйу сэҥээрэр, дьарыктанар дьоҥҥо аналлаах тэрээһиннээх үлэни тэрийэн ыыппыт салайааччыбытыгар Пелагея Николаевна Слепцоваҕа, биһигини уруһуйдуурга уһуйан үөрэппит салайааччыбытыгар Галина Дмитриевна Семеноваҕа улахан махталбын биллэрэбин.

Марфа Михайловнаны, Владимир Кимовиһы сүҥкэн суолталаах тэрээһиҥҥэ  кыттыбыккытанан эҕэрдэлиибит, инниктин да үрдүк ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА