Хаҥалас улууһун эдэр ыалларыгар дьиэ сертификаттарын туттарыахтара

Норуоттар икки ардыларынааҕы Дьиэ кэргэн күнүн көрсө, Хаҥалас улууһун 20 эдэр ыалыгар дьиэлэрин тупсарыналларыгар сертификат туттарыахтара, СИА-ҕа улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата эттэ.


Улуус салайааччыта Федор Борисов эппитинэн, дьиэ атыылаһыытыгар эбэтэр туттууга  20 ыалга көрүллүбүт уопсай суума — 13 658 391, 60 солкй.

Быйыл Бэстээх, 2 Дьөппөн, Хачыкаат, Уулаах-Аан, Мохсоҕоллоох, Булгунньахтаах, 1 Дьөппөн, Өктөм, Покровскай куорат эдэр ыалларыгар сертификаттары туттарыахпыт”, — диэтэ кини.

Сертификаттары түмсүүтэ суох тириэрдитэлиэхтэрэ. Санитарнай миэрэлэри тутуһуохтара.

“Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” муниципальнай бырагыраама оройуоҥҥа 2007 сылтан үлэлиир. Федеральнайдааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бюджеттар кыттыгас үбүлээһиннэрэ. Бырайыакка 35-гэр диэри саастаах олорор усулуобуйаларын тупсарыныыга наадыйар эдэр ыаллар кытталлар.

This post was published on 12.05.2020 17:33 17:33