Бүгүн Хоточчу сэлиэнньэтигэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Пётр Марков докумуону хомуйар. Кини эппитинэн, Хоточчуга 35 кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи баар. Кинилэр ортотунан 2-3 ыанар ынахтаахтар.
Ыанар ынахха көрүллэр субсидия бырагырааматын сэргииллэр.
Икки өрүттээх. Бастакыта, дьон хаһаайыстыбатын кэҥэтэригэр, сүөһүтүн элбэтэригэр наадалаах. Сүөһүтүн тутан хаалар. Оттон иккиһэ — үүт туттарааһына аҕыйыыр. Мин санаабар, элбэх сүөһүлээхтэр үүт туттараллара ордук, оттон аҕыйах ыанар ынахтаахтар маннык субсидияны ылаллара сөптөөх, — диэтэ Марков.
Исписэлиис эппитинэн, былырыын субсидияны ылбыттар харчыларын сүөһү аһын бэлэмниир үлэҕэ, ол эбэтэр уматык, техника ылыытыгар туттубуттар.
Хоточчуга, бааһынай хаһаайыстыбалары кытта холбоон, уопсайа 500-тэн тахса ыанар ынах баар.
This post was published on 14.03.2022 11:01 11:01