Муус устар 12 күн киэһэ Хаҥалас оройуонугар тротуар устун хааман испит икки кыыһы массыына түҥнэри көттө. Эмсэҕэлээбиттэртэн биирдэстэрин балыыһаҕа киллэрдилэр диэн, Саха сиринээҕи ГИБДД биллэрэр.
Улахан-Аан нэһилиэк таһыгар туоруур «Умнас» массыына суолугар суоппар массыынатын сатаан салайбакка тротуарга тахсан икки хааман испит кыыһы түннэри көттө. 21 саастаах кыыһы балыыһаҕа тоноҕоһугар, сүнньүгэр уонна атаҕар эчэйиилээх балыыһаҕа киллэрдилэр, биир кыыһа эчэйии ылбата.
1964 сыллааҕы төрүөх суоппар эр киһи эмсэҕэлээбэтэх, саахал тахсыбыт кэмигэр арыгы испэккэ сылдьыбыт уонна куттал суох буолуутун хааччыйар курун иилинэн олорбут.
ДТП чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
This post was published on 13.04.2023 17:05 17:05