Хаҥалас улууһугар саҥа уу ыраастыыр ыстаансыйатын тутуу саҕаланна

Хаҥалас улууһун киинигэр – Покровскай куоратыгар саҥа уу ыраастыыр ыстаансыйатын тутан саҕалаатылар. Станция «Ыраас уу» регионааҕы уонна «Экология» диэн национальнай бырайыактар чэрчилэринэн тутуллан, 2022 сылга үлэҕэ киириэ. Бу туһунан Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата СИАҕа иһитиннэрэр.


“ Бэс ыйын 9 күнүгэр улуус дьаһалтата «Проектная компания «ДСА» диэн тэрилтэни кытары хантараак түһэрсибитэ. Эбийиэк 2022 сылга үлэҕэ киирэрэ былааннанар”, — диэн улуус салайааччыта Федор Борисов кэпсиир.

Тутуу 249,1 млн солкуобай сыаналаах, мантан 246,6 млн федеральнай үп, 2,5 млн солк өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан үбүлэниэ.

This post was published on 13.07.2020 15:01 15:01