Хаҥалас улууһун бары нэһилиэктэригэр күөх быйаҥы сомсон өрүсүһэн оттооһун үлэтин үгэнэ. Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатарын бары бэркэ өйдүүбүт. Итини тэҥэ олох бары хайысхатыгар хамсатыылаах үлэ барар кэмэ буоллаҕа.
Александр Алексеев баһылыктаах II Малдьаҕар нэһилиэгин олохтоохторо, «Мин нэһилиэгим – мин дьиэм» диэн өйдөбүлүнэн олороллор. Манна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Александр Павлов дириэктэрдээх «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ, Михаил Павлов салайар «М.В. Павлов» улахан хаһаайыстыбалара бааллар. Ол да курдук от хампаанньатын улууспутугар биир бастакынан саҕалаабыттара.
Баһылык Александр Алексеев нэһилиэккэ ыытыллар үлэни бу курдук билиһиннэрдэ: — Биһиги нэһилиэкпитигэр от үлэтэ үчүгэйдик баран иһэр. Нэһилиэк үрдүнэн окко былааммыт 5 870 туонна, онтон 2 200-тэн тахса тн от рулоннанан кэбиһилиннэ. Ол иһигэр «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ – былаана 3000 т, билиҥҥи туругунан 1000 туоннаны оттоото. «М.В. Павлов»
бааһынай хаһаайыстыбатын былаана — 2200 т, бу күҥҥэ 900 туоннаны бэлэмнээтэ. Атырдьах ыйыттан бу хаһаайыстыбалар сиилэс уонна сенаж үлэтин саҕалыахтара. Хомуур үлэтигэр үлэлиэхтээх комбайннар өрөмүөннэнэн бэлэм тураллар.
Аны нэһилиэкпэр сайыҥҥы кэмҥэ ыытыллар үлэлэри кылгастык сырдатар буоллахха, биир сүрүн кыһалҕалаах сирбитинэн «Бөх тоҕор» сирбит буолар. Манна күрүөтүн-хаһаатын бүтэй оҥорон, тэйиччинэн 400 миэтэрэ курдук усталаах суол оҥоттордубут.
Итини сэргэ, нэһилиэкпит ис өттүгэр уулуссаларга үөскээбит оҥхойдору тааһынан куттаран тэҥнэттибит. «Сыырдаах» диэн сайылыкка «Булгунньахтаах» үрэҕин туоруур муостаны саҥардан биэрдибит.
Сайыҥҥы кэмҥэ оҕуруокка, уу хайдахтаах курдук наадатын бары бэркэ билэҕит. Манна хаһаайыстыбаннай ньыманан кыттыһан улууспут дьаһалтата (баһылык Олег Иринеев) – 2 мөл солк., «Якутцемент» АУо ПХ (управляющай дириэктэр Алиш Мамедов) – 1 мөл.солк, уонна II Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтата – 2 мөл.солкуобайы бүддьүөппүтүгэр көрбүппүт. Бырайыага уонна сметата барыта бэлэм. Онон ааҕынан-суоттанан баран быйыл уу ситимин сүрүн тыраассатын, уулуссаларга тардыыга үлэтин кэлэр ыйтан саҕалыахпыт.
Итини таһынан «Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн» бырагырааматынан сайылыктарбыт суолларыгар хапсыбыппыт. Р.Д. Кононов дириэктэрдээх «Мехстрой» ХЭТ «Куоһаҕас» уонна
«Мондурах» диэн сайылыктар суолларыгар таас кутан оҥоро сылдьаллар. Кэлэр ый саҥатыгар бүтэриэхтээхтэр. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сүөһү көрөөччүлэрбит дьэ абыраныахтара турдаҕа, -диэн Александр Степанович кэскиллээх суоллар, уу ситимэ, муоста үлэлэрэ бара туралларын астынан туран сырдатта.Нэһилиэккэ итини таһынан киэҥ хабааннаах үлэлэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар нэһилиэк түмэлин оҥорууга, баһаарынай чаас дьиэтин тутууга бэлэмнэнэр үлэлэргэ, С.А. Григорьев аатынан «Аан-Аартык» култуура Киинин толору хааччыллыылаах оҥорууга үлэ-хамнас бара турара сэргэхситэр.
Уйбаан УЙГУУРАП, газета «Хангалас»
This post was published on 29.07.2022 15:11 15:11