Хаҥалас улууһугар Өлүөнэ эбэ мууһа үс нэһилиэнньэлээх пуун туһаайыытынан устар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Өлүөнэ эбэ мууһун алын кырыыта Хаҥалас оройуонугар кэллэ. Ыам ыйын 14 күнүгэр сарсыарда Иһит, Кытыл-Дьураа, Сиинэ сэлиэнньэлэринэн муус устар.

«Өлүөнэ эбэҕэ муус Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас улуустарынан устар. Ыам ыйын 13 күнүгэр Иһит туһаайыытынан хамсааһын саҕаламмыта. Билигин хойуу муус Кытыл-Дьурааҕа бэлиэтэнэр, орто — Сиинэҕэ. Покровскайга уонна Дьокуускайга өрүс арыллыыта ыам ыйын 14 — 18 күннэригэр күүтүллэр. Нам оройуонугар 18 — 20 күннэригэр», — диэтэ бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников анал мунньахха.

This post was published on 14.05.2024 11:01 11:01