Быйыл Хаҥалас оройуонугар гааска 108 дьиэ холбонно. Бу былааны 100 бырыһыан толоруу, диэн улуус баһылыга Олег Иринеев иһитиннэрдэ.
«Маннык үрдүк көрдөрүүнү нэһилиэк, оройуон дьаһалталарын уонна бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр күүстэринэн ситистибит. Аҥардас Покровскайга эрэ былааны быһыытынан 29 дьиэни холбуохтаахыпытыттан, гааһы 34 дьиэҕэ киллэрдибит. Бу бырагыраама билигин олус тоҕоостоох», — диэн оройуон баһылыга бэлиэтээтэ.
This post was published on 14.11.2023 13:13 13:13