Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы территориятын тэрийии туһунан сокуон барыла бэс ыйын 8 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ көрүллүөҕэ. Сокуон барыла регионнааҕы экономика министиэристибэтинэн, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн оҥоһулунна.
Бырайыакка олоҕуран, территория кыттааччыларыгар нолуокка араас преференция көрүллүөҕэ уонна өйүүр миэрэлэр баар буолуохтара, балар предпринимателлэр үлэлэрин көҕүлүөхтэрэ, диэн суруллар докумуоҥҥа.
Резиденнэргэ страховой усунуостарын сорох чаастарын төннөрүөхтэрэ, кирэдьииттэрин бырыһыаннарын төлөбүрүгэр уонна оҥорон таһаарыыга угууларын сорох ороскуоттарын уйунуохтара. Территорияларга ИП-лар, «самозанятайдар» уонна юридическай сирэйдэр киириэхтэрэ.
Пилотнай территорияларынан буолуохтара Хаҥалас оройуонугар «Эркээни хочото», манна Төхтүр, Өктөм, Уулаах-Аан уонна Нөмүгү киирэллэр.
Территориялар маннык критерийдарынан оҥоһуллуохтара:
— оҥорон таһаарыы киинигэр уонна атыыга эргиир ырыынагар чугас;
— нэһилиэк түргэн социальнай-экономическай сайдыытын хааччыйыыга экономикатын кыаҕа;
— инфраструктура эбийиэктэрэ бааллара.
This post was published on 07.06.2023 14:03 14:03