Уулаах үрэҕин кытылыгар Өктөм-пааркаҕа муус уонна хаар оҥоһуктарга IX өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлэ ыытылынна. П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище уһуйааччылара уонна устудьуоннара, норуоттар икки ардыларынааҕы муус, хаар оҥоһуктарга күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара «Хаҥалас номохторо» диэн тиэмэҕэ кытыннылар.
Хаҥалас улууһугар икки күн төһө да тууһугуран тымныйдар, муус-хаар оҥоһуктарга бэстибээл кыттыылаахтара бэркэ турунан туран, тэтимнээхтик чочуйан, тохтообокко кэриэтэ оҥордулар.
Туристары сынньанар-аралдьытар Өктөм-паарка дириэктэрэ, бэстибээли тэрийээччи Анатолий Прокопьев сыралаһан туран дьон-сэргэ дьоһуннаахтык сынньанарыгар, улууспутугар туризм сайдыытыгар үлэлэспитэ балайда буолла.
— Тохсус сылын маннык бэстибээли ыытабыт. Кэнники үс сылга 40 саастаах дьоҥҥо дылы диэн хааччахтаах, онон талааннаах ыччат кыттар. Ол быһыытынан, Дьокуускайдааҕы П.П. Романов аатынан художественнай училищены кытта дуогабардаһан үлэлиибит. Быйылгы тэрээһин уратытынан кэрэ аҥаардар кыттыылара буолар уонна хаар оҥоһуктарга аан-бастакытын куонкуруһу тэрийдибит. Муус оҥоһуктарга алта, хаар оҥоһуктарга эмиэ алта хамаанда, барыта 12 хамаанда ыгым бириэмэҕэ икки күн үлэлээтилэр. Кинилэр бары араас улуустан кэлбиттэр. Сахабыт сиригэр Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан, «Хаҥалас номохторо» диэн тиэмэни арыйалларыгар сүбэлэспиппит, — диир кини.
Муус оҥоһугу ылбычча киһи ылсыспат үлэтэ, манна Сахабыт сиригэр бастакы хараҥаччыларынан буолар кэрэ аҥаардары көрүстүм. Тымныыттан иэдэстэрэ тэтэрэ кытарбыт, кыламаннара кырыанан бүрүллүбүт, Дьокуускайдааҕы художественнай училище преподавателлэрэ Александра Неустроева уонна Людмила Федорова «Күүстээх санаа» хамаанда тэринэн кытта сылдьаллар.
— Бастакыттан төрдүс кууруска дылы үөрэнэр устудьуоннарбытын аҕалан кытыннара сылдьабыт. Оҕолорбут, бастатан туран, дьоҕурдарын сайыннаран улахан уопут ылаллар. «Хаҥалас номохторо» диэн тиэмэ бэриллэн, оҕолорбут дьиҥ историяны үөрэтэллэригэр олугунан буолла. Ол курдук, Омоҕойу, Эллэйи, Тыгын Дарханы, үһүйээннэргэ баар күүстээх дьону үөрэттилэр, уустук үлэлэри толордулар. Бэстибээл ыытыллыбыт икки күнэ кылгас курдук, үс күн эбитэ буоллар бэрт буолуо эбит. Ол да буоллар, үлэлэрин тиэмэтин бэркэ чочуйан арыйдылар. Эбэн эттэххэ, быйыл уолаттарбыт Хабаровскай уонна Томскай куораттарга норуоттар икки ардыларынааҕы Бүтүн Арассыыйатааҕы муус оҥоһуктар куонкурустарыгар кыттан кыайан кэлбиттэрэ. Сыл аайы Дьокуускай к. “Бриллианты Якутии” куонкуруска эмиэ ситиһиилээхтик кытталлар, — диэн киэн тутта кэпсиир Александра Неустрова.
Эдэр уустар ураты айылҕалаах үтүө дойдуга кэлэн кытталларын олус сөбүлээбиттэр, манна ханнык баҕарар уустук быһыылаах-таһаалаах муус да, хаар да оҥоһук табыллар диэн ааттыыллар. Хаҥалас номохторун ааҕан, Биэстээх Бочоох диэн үлэни толорбут уолаттар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Васильев Василий уонна Мэҥэ Хаҥалас ыччата Стручков Валерий «Золотые крылья» хамаандалара бастаата. Кинилэр уһулуччу күүстээх Биэстээх Бочоох сүүнэ атыыр оҕуһу төбөтүттэн ылан бэйэтин нөҥүө быраҕан эрэрин чочуйбуттар.
Кыһыҥҥы киирэн эрэр күн кыыһар сардаҥата, ураты муус оҥоһуктарга курдары тыган дьэрэкээн ойууну түһэрэн күлүмүрдүү сыдьаайар. Күн уһаан истэҕин аайы, уһун кыһынтан сылайа быһыытыйбыт дьон-сэргэ, оҕо-аймах, эдэр ыччат манна кэлэн ыраас салгынынан дуоһуйа тыыныахтара, астына сынньаныахтара.
Кыайыылаахтар уонна призердар
Муус оҥоһуктарга
1 миэстэ – Васильев Василий, Стручков Валерий («Золотые крылья» хамаанда) 50 000 солк.
2 миэстэ – Неустроева Александра, Федорова Людмила («Күүстээх санаа» хамаанда) 30 000 солк.
3 миэстэ – Ущницкай Максим, Стручков Павел («Чэбдик» хамаанда) 20 000 солк.
Хаар оҥоһуктарга
1 миэстэни — Григорьев Николай, Никитин Айаал («Модун» хамаанда) 30 000 солк.
2 миэстэ – Алексеева Арина, Семенова Молена, Андросова Айыына («Күн сардаҥалара» хамаанда) 20 000 солк.
3 миэстэ – Капитонов Алексей, Попов Алексей («Лөкө» хамаанда) 10 000 солк.
Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.