Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Покровскай куорат «Сказка» оҕо уһуйааныгар «Арчы» дьиэтэ норуот айымньытын киинэ 5 саастарын туолбут оҕолорго анаан «Тылы киллэрии» туомун ыытта.
Дьыссаат сэбиэдиссэйэ Дьяконова Наталья Владимировна, иитээччи Мария Степановна Кривошапкина оҕолорунаан бары сахалыы таҥнан үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Саха сиэринэн оҕолору кытта билсэн баран, бырааһынньык суолтатын кэпсэннэ уонна Күн суолун көрдөрөр, Айыы суолун арыйар Одун Хааҥҥа хайыһан алгыс этэн, тылы киллэрии туома ыытылынна. Оҕолор алгыстаах алаадьыны былдьаһа-тараһа амсайдылар, тэрээһин оһуокайынан, флеш-мобунан түмүктэннэ.
Инникитин оҕолор барахсаттар төрөөбүт тылларынан имигэстик саҥарар, санааларын сайа этэр дьон буола уулааттыннар. Саха буолан сандаардыннар, киһи буолан килбэйдиннэр.
This post was published on 14.02.2018 10:50 10:50