Покровскайга буолар «Хаҥалас хапсаҕайыгар» Казахстан, Монголия, Бурятия, Алтай уонна Тыва спортсменнара кыттыыны ылыахтара. Ыалдьыттар Саха сирин тустууктарын кытта 2,5 мөл солк бириис пуондатын былдьаһыахтара, суруйар СИА.
Эр дьон 57, 65, 75, 85, 95 кг диэри, 95 кг үөһэ, бэтэрээннэргэ 60, 70, 80, 90 кг, 90 кг үөһэ кыттыахтара.
Көбүөргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уонна Россия регионнарыттан, атын дойдулартан бастыҥ хапсаҕайдьыттар тахсаллара күүтүллэр.
Турнир бүтэһигэр муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыы тэриллиэҕэ: 75 кг диэри уонна 75 кг үөһэ ыйааһыннарга.
Кыайыылаахтар 300 тыһ солк ылыахтара уонна анаан оҥоһуллубут чемпион курун иилиниэхтэрэ.
«Хаҥалас хапсаҕайа» 26 төгүлүн ыытыллар, быйыл Покровскай куоракка олунньу 4-5 күннэригэр буолуоҕа.
Усунуос уонна киирии билиэтин харчыта СВО кыттыылаахтарын өйүүн пуондаҕа бэриллэр.
This post was published on 01.02.2023 09:33 09:33