«Хаҥалас Хапсаҕайа» көрөөччүтэ суох ыытыллыа

Олунньу 6-7 күннэригэр Покровскай куоратыгар «Хаҥалас Хапсаҕайа» ыытыллыа. Үгэс буолбут турнирга өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 200-тэн тахса хапсаҕайдьыт кыттара былааннанар.


««Хаҥалас Хапсаҕайа» быйыл 24-с төгүлүн ыытыллар. Ол эрэн пандемиянан сибээстээн быйылгы күрэх көрөөччүтэ суох ыытыллыа. Кыттааччылар, тренердар, судьуйалар, тэрийэр хамыыһыйа коронавируска булгуччулаах анаалыс туттарыахтара, термометрияны ааһыахтара. Күрэхтэһии ыытыллар саалата ирдэбил быһыытынан дезинфекцияланыа», — диир Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев.

Күрэхтэһиини быһа «Мамонт» ханаалга көрүөххэ сөп буолуо, түмүктүүр, абсолютнай кыайыылаахтары быһаарар киирсиилэри «Саха» НКИХ ханаалыгар көрдөрүөхтэрэ. YouTube-ка эмиэ быһа көрдөрүү тэриллиэ. Кыайыылаахтар 200.000 солкуобайынан наҕараадаланыахтара.

This post was published on 27.01.2021 13:01 13:01