Хаҥалас бөһүөлэгэр доруобуйа уруоктара саҕаланнылар

Дьокуускай куорат Хаҥалас бөһүөлэгэр алтынньы 18 күнүттэн чөл олоҕу сырдатыы нэдиэлэтэ саҕаланна.


СӨ итирдэр утаҕы хонтуруоллуур управлениетын исписэлиистэрэ, чөл олох хамсааһынын актыбыыстара уонна уопсастыбынньыктар нэдиэлэ устата нэһилиэнньэни кытары көрсүөхтэрэ.

Чөл олоҕу сырдатар нэдиэлэ Хаҥалас бөһүөлэгин оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччилэригэр доруобуйа култууратын уруогуттан саҕаланна. Уруогу өр сылларга педагогунан үлэлиир Юлия Степанова ыытта.

«Киһи эт-хаан, өй-санаа уонна духуобунас өттүнэн доруобай эрэ буоллаҕына, кини толору уонна чаҕылхай олоҕунан олорор. Арыгы, табах уонна наркотиктар киһи доруобуйатын айгыраталлар, туох да үчүгэйи аҕалбаттар. Доруобуйа култууратын уруоктара бэйэ доруобуйатыгар харыстабыллаах сыһыаҥҥа, билиигэ-көрүүгэ уонна майгы-сигили сыаннастарыгар үөрэтэллэр», – диэн санааны Юлия Сергеевна оҕолорго тириэртэ.

Оҕолор доруобуйа уруоктарыгар бөлөхтөрүнэн үлэлээтилэр, уруокка бэриллибит балаһыанньалары ырыттылар, санааларын үллэһиннилэр.

Доруобуйа култууратын уруоктара өссө 6, 7, 8, 10 кылаастарга ыытыллыахтара. Үөһээ кылаас үөрэнээччилэригэр «Ыччат арыгыга сыһыана» тиэмэҕэ социологическай ыйытык оҥоһуллуоҕа. Маннык уруоктар өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар ыытыллаллара былааннанар.

Ону таһынан оскуолаҕа оҕолор уруһуйдарын куонкурустарын көһө сылдьар быыстапката тэриллиэҕэ. Маннык куонкуруска былырыын Хаҥалас оскуолатын үөрэнээччилэрэ Максим Мордвинов уонна Ирина Мудрак үөһээ кылаас оҕолорун ортолоругар кыайбыттара.

Тустаах управление уонна олохтоох дьаһалта бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

This post was published on 19.10.2016 17:26 17:26