Кыһыл Үрүйэтээҕи «Хаҥалас-Ас» ТХПК үүт аһы оҥорон таһаарар сыаҕа күн аайы Хачыкааттан уонна олохтоох бааһынай хаһаайыстабалартан үүтү тутар. Сыахха уопсайа биэс киһи үлэлиир.
Манна былырыыҥҥыттан «Булуус» качотта сыыры оҥорон таһаараллар. Сыл иһигэр дьон-сэргэ бу бородууксуйаны бэркэ сөбүлээтэ. Билигин киилэтин 800 солкуобайга атыылыыллар.
— Быйыл сайын сыыры оҥорууга 5 туонна былааннаахпытыттан 2,5-һи оҥордубут. Сыыры оҥоруу технологията уустук: үүт хаачыстыбатыттан, сыатыттан-арыытыттан, кислотнаһыттан барыта тутулуктаах. Сарсыарда аайы тутар үүппүтүн анаалыстыыбыт. Сыырга барсар үүт туһунан хараллар. Оҥоһуллубут сыыр ый устата ситэн бэлэм буолар. Билигин күһүн буолла, онон үүт хаачыстыбата ирдэбилгэ эппиэттэспэт буолан тохтоотубут. Туппут үүппүтүн күн аайы сүөгэйдиибит, арыылыыбыт, манна миэстэтигэр атыылыыбыт уонна Мохсоҕоллооххо тэрилтэбитигэр туттарабыт, — диэн старшай технолог Мотрена Кириллина кэпсээтэ.
Ааптар: Ольга Гермогенова, ханаласгазета.пф
This post was published on 23.09.2021 18:01 18:01