Хаҥалас аграрийдара дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга граннары ыллылар

Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр «Дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин сайыннарыы» федеральнайдааҕы граннарга куонкурус түмүктэннэ. СИА Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Куонкуруска барыта 24 индивидуальнай предприниматель кытынна – бааһынай-пиэрмэрскэй хаһаайыстыбалар баһылыктара.

Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Олег Иринеев иһитиннэрбитинэн, улуустан түөрт хаһаайыстыба граҥҥа тигистэ.

“Быйыл коронавируһунан сибээстээн, бизнес-былааннарын видеоконференцсибээс эрэһииминэн көмүскээтилэр. Биһиги улуустан Андрей Скрябин (Көрдөм), Михаил Атласов (Тиит Эбэ), Василий Уаров (Уулаах Аан) уонна Акулина Львова (Булгунньахтаах) граҥҥа тигистилэр, улахан көмөнү ыллылар.

Граннар суумалара 6 — 15 мөл солк иһигэр халбаҥныыр. Түөрт кыайыылаахтан үс БПХ сылгы иитэр, үбүлээһин пиэрмэни тутууга, уларытан тутууга, комплектациялааһыҥҥа, сүөһү ылыытыгар ыытыллар” – диэтэ Олег Иринеев.

This post was published on 16.06.2020 18:01 18:01