Халаан уутуттан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ уустук быһыы- майгы Кэбээйи, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Бүлүү, Горнай оройуоннарыгар үөскээбит. Чурапчы улууһугар кураан сайын буолан биэрдэ.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Бүлүү улууһугар командировкатын кэмигэр видео-сибээһинэн оройуон баһылыктара кыттыылаах сүөһү аһылыгын хампаанньатын боппуруостарыгар мунньах ыытта.
Кини улуустарга оту муҥутуурдук бэлэмниир туһунан сорудах биэрдэ. Сүөһү иитэр хаһаайыстыбалары уонна кэтэх хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ Айсен Николаев сүөһү аһылыгын – уотурбаны, эбиэһи, гранулированнай оту өрөспүүбүлүкэҕэ тиэйэн аҕалары эттэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу үлэ былаанын нэдиэлэ бүтүөр диэри оҥороро ыйылынна.
Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ уустук балаһыанньалаах оройуоннарга көрүллүбүт үп бу нэдиэлэ устата тиэрдиллиэхтээх. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин чэбдигирдиигэ үп көрөргө сорудахтанна.
«Быһаарыы барыта оперативнайдык толоруллуохтаах. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини хонтуруолга тутуҥ», — диэн сэрэттэ Айсен Николаев.
Мобильнай биригээдэлэр ыраах оттуур учаастактарга үлэни салгыыллар. Бу сыалга 80 мөл. солк. көрүллүбүт.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 01.09.2022 09:33 09:33