Тыа сиригэр үлэлээх буолууну мэктиэлиир уонна барыһы биэрэр хайысханан тыа хаһаайыстыбата буолар. Ол да иһин, тыа сиригэр үгүс ыал халлаантан харчы түһэрин кэтэһэн олорбокко, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэр.
Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр Богдан Лебедев бааһынай хаһаайыстыбатын үлэтин билбэт киһи суоҕа буолуо.
Богдан Николаевич өссө ааспыт үйэ бүтэһик сылларыгар кутаналарга күтүөттүү кэлиэҕиттэн туспа хаһаайыстыбаны тэринэн барбыта. Бэйэтэ тырахтарыыс, суоппар идэлээҕэ кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэригэр төһүү күүс буолбута. Ол курдук, кини дьиэ кэргэнинээн сылгы иитиитинэн 1989 сылтан дьарыктанан кэллэ.
Хаһаайын кыһыннары-сайыннары үлэ үөһүгэр сырыттар даҕаны, саҥа саҕалыыр фермердэр куурустарыгар үөрэнэн, диплом ылан, билэрэ-көрөрө элбээн, атыттартан эмиэ уопут ылар.
Билигин хаһаайыстыбатыгар 16 сылгылаах, 6 биэлээх. 2017 сылтан эдэр сылгытын ахсаана аҕыска тиийдэ. Сылгыларын ыстаадатыгар саамай сөбүлүүр, киэн туттар биэлэринэн Күөрчэх диэн ааттаах биэлэрэ буолар. Икки көлө аттаах. Лебедевтэр хаһаайыстыбаларыгар эбии уон ынаҕы туталлар.
Лебедевтэр бэйэлэрэ икки оҕолоохтор, хас да сиэннээхтэр. Бииргэ төрөөбүт балтылара, күтүөттэрэ, оҕолор сайын аайы кэлэн, хаһаайыстыбаҕа күүс-көмө буолаллар. Хаһаайка билигин сайылыы кэлиэхтээх сиэннэрин саныы-саныы арассаада олордуунан дьарыктана сылдьар. Ити курдук, тыа сирин ыала күннээҕи үлэтэ бүтэн биэрбэт. Ол да буоллар, Лебедевтэр ыарахаттартан толлон турбаттар.
Хаһаайыстыба баһылыга саҥа саҕалыыр фермэрдэри өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, Граҥҥа киирсэн, хаһаайыстыбатын өссө сайыннарар баҕалаах. Оччотугар Богдан Николаевич сүөһүтүн ахсаанын өссө элбэтэн, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, ол иһигэр таһаҕас тиэйэр массыынаны, оҥорон таһаарар бородууксуйатын переработкалыыр тэриллэри уо.д.а. атыылаһыан баҕарар.
This post was published on 19.03.2018 11:03 11:03