Тугун, ханныгын билээри тута тылбаастатан көрөргө сананным. “Сахамедиа” холдинг Арассыыйаҕа биир биллэр СИА саайтыгар бүгүн тахсыбыт нууччалыы тыллаах сонунуттан быһа тардан киллэрдим. Бу курдук тылбаастаата:
Уубар-хаарбар киирэн аны бүрээттии остуоруйаны сахалыы тылбаастаттым:
Ити курдук, куйаар ситимиттэн оннооҕор Александр Пушкин остуоруйатыгар, билим ыстатыйаларыгар тиийэ хас даҕаны тиэкиһи тылбаастаан көрдүм. Биллэн турар, сороҕор сыыһалаах-халтылаах эрээри, массыына тылбаастыырын аахсыбатахха, бэркэ тылбаастыыр, суруналыыстарга көмө буолсу диэн түмүккэ кэллим.
Ити тылбаасчыкка бу иннинэ Арассыыйа тылларыттан нуучча уонна татаар эрэ тыллара баалларын, билигин аваар, башкиир, бүрээт, коми, осетин, тыыба, саха, о.д.а. тыллар киирбиттэрин туһунан суруйаллар. Аан дойдуга 7 тыһ. тахса тыл баарыттан 240 тыл ити тылбаасчыкка баар буолла диэн этэллэр.
Сахалыы тылбаас Гуугулга киириитэ нэһилиэнньэҕэ туох туһалаах буолуой диэн ыйытыыга уопсастыбанньык, Биики халандаары сүрүннээччи Николай Павлов — Халан:
— Гуугулга омуктууттан сахалыы уонна сахалыыттан омуктуу тылбаас баар буолуутун туһата эгэлгэ, сороҕун билигин бэйэбит да билбэппит. Ол эрээри, мин көрдөхпүнэ, үс сүрүн бөлөххө араарыахха сөп:
Бастакытынан, биирдиилээн дьоҥҥо быһаччы туһата. Киһи элбэҕи билэн сайдарыгар, элбэх интэриэһинэй дьону кытта билсэригэр, алтыһарыгар, үөрэҕэр, үлэтигэр, сынньанарыгар (киинэ, ойуулук, блогтар, рилзтар, видеороликтар уо.д.а.) туһаныа. Холобур, омук тылын үөрэтэргэ ааҥыллыы киинэлэри сотору сахалыы субтитрдаах көрөр кыахтаныахпыт.
Иккиһинэн, тылга туһата. Тылы саха иҥнибэккэ туттар буолар, өйдүөхтэрэ суоҕа диэн атын тылга көспөт. Ыччат тылын аныгы тыл курдук көрөрүгэр, тыл аата-суола (престиж) үрдүүрүгэр туһалыыр (аан дойду саамай сайдыылаах тылларын 3% иһигэр биһиги тылбыт киирэр – 8 тыһ. тылтан оччото эрэ Гуугулга баар). Оҕо бастаан сахалыы тылланарыгар олук охсуллуо, төрөппүт «оҕом саха эрэ тылын билэн улааттаҕына күрэстэһэр кыаҕа түһүө» диэн куттаммат буолуо. Тыл имиллэригэр-хомулларыгар, саҥа эйгэлэри баһылыырыгар көмө буолуо.
Үсүһүнэн, омукка туһата. Саха омугун кыаҕа үрдүүр, ол иһигэр баайдык-тоттук олоруута, бэйэтин бигэтик киһи аймах суолталаах сорҕотун курдук көрүүтэ. Култууратын аан дойдуга тарҕатарыгар, онно билиниини ылынарыгар суоллар аһыллаллар. Суругунан айымньыларбытын, киинэбитин, итэҕэлбитин, сиэрбитин-туоммутун, ырыаларбытын уо.д.а. киһи аймах бүттүүнэ баҕарда да билсэригэр сүдү хардыы оҥоһулунна.
Уонна оттон тиэхиньиичэскэй өттүн ылар буоллахха, тылбыт Андроид төлөпүөннэргэ өссө күүскэ хото киириэ (ону син биир атын разработчиктар утумнуохтара, үтүктүөхтэрэ, туһаныахтара, сайыннарыахтара), оҥоһуу өйгө холбоммут саҥарар колонкаларга киириэ, оччоҕо көмпүүтэрдиин сахалыы кэпсэтэр буолуохпут, тиэкистэри тылбаастаан сахалыы ааҕан биэрэр буолуоҕа, бу харахтара мөлтөх дьоҥҥо эбэтэр, холобур, айаҥҥа сылдьар дьоҥҥо наһаа туһалыа. Гуугул поисковик сахалыы тиэкистэри булан биэрэрэ тупсуо. Онон туһатын ааҕан ситиллибэт.
Массыына тылбааһа тыл дэгэтин билэр киһи тылбааһыттан уратылаах. Ол уратыта билигин, массыына ситэ элбэхтик “эрчиллэ” илигинэ улахан буолуо, онон тылбаастаммыты барытын ыраас мууска ылынымаарыҥ, эт мэйиигитин эмиэ холбоон, өйдөөн-төйдөөн туһанаарыҥ дуу.
Саха тыла Гуугул тылбаасчытыгар киириитэ – бу сахалар бары ситиһиибит, бары үөрүүбүт. Сахалыы суруйсан, ситимҥэ сахалыы саҥаны элбэтэн, аан дойдуга биллэр-көстөр гыммыппыт биһиги барыбыт, ол иһигэр билигин суох да дьоммут, өҥөтө. Онон үөрүүнү бары үллэстэбит.
Ордук чорботон тылы хараанныыр, тылы сайыннарар, туттуллар эйгэтин кэҥэтэр, аатын-суолун үрдэтэр дьону ааттыахха сөп уонна сахалыы суруйар, кэпсиир, көрдөрөр суруналыыстары, суруйааччылары, тылбытын билим өттүнэн чинчийэр, ойуулуур учуонайдары уонна Гуугул бэйэтин иһигэр хас да сыл тухары сахалыыттан ааҥыллыы тылбаастаабыт элбэх үтүө санаалаах дьону ахтабыт! Кинилэргэ махтанабыт!
Сахабыт тыла бэйэтин үйэлээх үгэһигэр олоҕуран саҥа саҕахтары арыйан истин! Аныгы саха бигэ туруктаах, күрэстэһэр модун кыахтаах, айар-тутар дьоһуннаах дьоҕурдаах буоларыгар ийэ тылбыт тирэх буоллун! – диэн тус санаатын үллэстэр.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 01.07.2024 14:29 14:29