4 Ахсынньы 04.12
  • -22°
  • $ 106,19
  • 112,02

Гуманитарнай чинчийии института уонна Эдьигээн улууһа бииргэ үлэлиэхтэрэ

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Гуманитарнай чинчийии института сэттис улууһун кытары бииргэ үлэлээһин дуогабарыгар илии баттаста.

«Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуона» муниципальнай оройуон дьаһалтатын итиэннэ Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын Институтун икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар толорулунна. Докумуоҥҥа Институт дириэктэрэ, историческай наука дуоктара Сардаана Боякова уонна Эдьигээн оройуонун дьаһалтатын баһылыга Василий Сорокин илии баттаатылар.

Эдьигээн Саха сирин биир баай историялаах, ураты олохтоох оройуона буолар. Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара 1632 с. Дьокуускайы кытары биир сылга туппуттара биллэр. Ол курдук оройуон булда, ордук кииһинэн баайа, ыраахтааҕы саҕаттан биллэр буоллаҕа. Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх А. Уваровскай ахтыылара саха норуотун бастакы литературнай пааматынньыгынан сураҕырар. Манна үлэлээн ааспыт хоһуун дьонун үлэтэ-хамнаһа, фольклора, оройуон историята өссө да инники өттүгэр үөрэтиллиэ, чинчийиллиэ турдаҕа.

Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтугар буолбут тэрээһин кыттыылаахтара Төгүрүк остуол тула олорон инники ыытыллыахтаах үлэлэр, бырайыактар тустарынан санааларын ирэ-хоро үллэһиннилэр.

Тэрээһини Мария Кузнецова уонна Александра Максимова «Орокоор» (Табалар) диэн ырыанан тупсаран-киэргэтэн биэрдилэр. Ыалдьыттар Г.Башарин аатынан академическай наука музейыгар сылдьан сонун экспонаттары кытары билистилэр.

Дуогабар 5 сыллаах болдьоххо бигэргэтилиннэ.

Ааптар: Б. Гоголев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА