Губинскай уонна Промышленнай уокуругун олохтоохторун саастаах дьону уонна элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн долгутар

Дьокуускай куорат Губинскай уонна Промышленнай уокуруктарын олохтоохторугар бырабыыталыстыба отчуотун бэрэссэдээтэли солбуйааччы Алексей Дьячковскай туруорда. Олохтоохтору социальнай бэлиитикэ интэриэһиргэттэ. Чуолаан, инбэлииттэри уонна элбэх оҕолоох ыаллары хааччыйыы.


Куорат олохтоохторо бородуукта сыанатын хайдах быһылларын интэриэһиргээтилэр. Киин куорат былааһа 10 табаарга эргиэн эбилигин сүрүннүүр: бурдукка, килиэпкэ, мас арыытыгар, үүккэ, саахарга, рискэ, гречкаҕа, сымыыкка, оҕо аһылыгар уонна кефиргэ. Итинтэн атынын судаарыстыба сүрүннээбэт.

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Татьяна Степанова ОДьКХ эйгэтигэр элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр баалларын туһунан эттэ. “Өскөтүн ОДьКХ ороскуоттара дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан 15 % тахсар буоллаҕына, сылга иккитэ субсидия төлөнөр”, — диэтэ кини.

Тутуу министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Михаил Костенко хаарбах дьиэлэри көтүрүү туһунан ыйытыыга хоруйдууругар Дьокуускайга маннык 200 дьиэ баарын эттэ. “Көһөрүүгэ федеральнай бырагыраама 2019 сылтан үлэлиэҕэ. Быйыл бу сыалга өрөспүүбүлүкэ 500 мөлүйүөн солкуобайы көрдө”, — диэн кини быһаарда.

This post was published on 06.03.2018 13:00 13:00