ГТО-ну туттарыыны пандемия тохтоппото

Төһө да коронавируһунан пандемия буоллар, 2020 сылга Саха сиригэр 106 киһи «Готов к труду и обороне» (ГТО) кыһыл көмүс бэлиэтин тутта. Бу туһунан спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев социальнай ситимнэринэн иһитиннэрдэ, суруйар СИА.


«Бу сылга ГТО-ну туттарыы саҕаламмыта 90 сыла. Саха сиригэр бу хайысхаҕа сыһыан үчүгэй, 100 тыһыынча кэриҥэ киһи регистрациялаах. 40 тыһыынча кэриҥэ киһи бэлиэтин тутта. 2020 сылга 106 киһи кыһыл көмүс бэлиэни иилиннэ», — диэтэ Иннокентий Григорьев.

Миниистир бэлиэтээбитинэн, ГТО нормативын туттарыы үрдүк үөрэххэ киириигэ эбии баалы биэрэр.

«Тэрилтэ салайааччыта олоххо актыыбынай көрүүлээх уонна чөл олоҕу тутуһар үлэһитин эбии өрөбүл күнүнэн биһириэн сөп», —  диэтэ салайааччы.

This post was published on 10.02.2021 12:01 12:01