Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибит күнүгэр 30 киһи Россиятааҕы физкультурнай-спортивнай комплекс «Готов к труду и обороне» VII – X үрдэллэрин кыһыл көмүс бэлиэтин туттулар, суруйар СИА. Кыайыылаахтары спорт миниистирн солбуйааччыта Гаврил Мохначевскай эҕэрдэлээтэ.
«Биһиги ГТО-ну кыһыл көмүс мэтээлгэ туттарбыттары стимуллуур миэрэлэри толкуйдуубут. ГТО систиэмэтэ региоҥҥа суолталааҕын дакаастаата. Хамсааһыҥҥа атын дойдулар эмиэ кытталлар. Соторутааҕыта Монголияҕа бара сылдьыбытым, онно спорт министиэристибэтэ ГТО-ну киллэриэхтэрин баҕаралларын иһитиннэрбитэ», — диэтэ Мохначевский.
X үрдэл кыһыл көмүс бэлиэлээҕэ, Чурапчы олохтооҕо, Саха сирин спордун бэтэрээнэ Валерий Лыткин этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ГТО практиката — сөптөөх уонна суолталаах быһаарыы. «Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр оскуола оҕолоругар уонна аармыйаҕа ГТО комплекса баара. Бу оҕолору спордунан дьарыктаныыга түстүүрэ. Мин дьоллоох киһибин, тоҕо диэтэххэ, оҕо эрдэхпиттэн спордунан дьарыктанабын. Ити тапталы миэхэ тренерим Дмитрий Петрович Коркин иҥэрбитэ. Кыһыл көмүс бэлиэни кини аатынан норуоттар ардыларынааҕы турниры көрсө ылбытым — икки төгүл үөрүүлээх», — диэтэ Валерий Лыткин.
Өрөгөйдөөх тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылларыгар ананар.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА