Грипп уонна ОРВИ чэпчэкитик ааһар

Өрөспүүбүлүкэ салалтата иһитиннэрбитинэн, коронавирус Саха сиригэр суох. Гриппкэ уонна ОРВИ-га ыалдьыы көрдөрүүтэ улахан — 79%. Ыалдьыбыт киһи ахсаана — 13 000.


Кытайга күөрэйбит коронавирус айдаана дойдуну аймыыр. Күн бүгүн ыалдьыбыт киһи ахсаана 42,6 тыһыынчаны куоһарар, өлөөччү 1000-тан тахса. Саха сирин олохтоохторун «Коронавирус биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр баар дуо?» диэн ыйытыы долгутар. Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова иһитиннэрбитинэн, Кытайга уонна соҕуруу-илин Азияҕа сылдьыбыт ОРВИ чинчилээх 20 киһи балыыһаҕа көрдөрүммүт.  Барыларыттан анаалыс ылыллыбыт уонна Новосибирскайга ыытыллыбыт.

«12 киһи түмүгүн тутта. Коронавирус суоҕа чуолкайданна. Атыттар күүтэллэр, кинилэр да түмүктэрэ этэҥҥэ буоларыгар эрэллээхпит», — диэтэ Борисова.

Бырабыыталыста вирус Саха сиригэр тарҕамматын туһугар туох баар миэрэни ылар. Тепловизордар уонна аппараттар ылыллыбыттар, эмтэниигэ аналлаах медицинскэй компоненнар сорохторо атыылаһыллыбыттар.

ОРВИ туһунан миниистир эппитинэн, 13 тыһыынча түбэлтэ бэлиэтэммит. Эпидпорог  79%-ны аһарбыт. Сүрүннээн кыра оҕолор уонна оскуола үөрэнээччилэрэ ыалдьаллар. Онон сорох оройуоттарга уонна куораттарга карантин биллэриллибит.

«Грипп уонна ОРВИ, былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, чэпчэкитик ааһар. Бу 2019 сылга вакцинациялаһын сөпкө барбытын кытта сибээстээх», — диэтэ Елена Борисова.

Сиһилии https://ysia.ru/minzdrav-gripp-i-orvi-v-respublike-protekayut-v-legkoj-forme/

This post was published on 11.02.2020 17:06 17:06