ГРЭС-2 иккис уочаратын үлэҕэ киллэрии 2025 сылга былааннанар

ГРЭС-2 иккис уочаратын олоххо киллэрии 2025 сылга былааннанар. Бу туһунан РусГидро генеральнай дириэктэрэ Николай Шульгинов уонна Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа көрсүһүүлэригэр кэпсэттилэр. Өрүттэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар электроэнергетиканы сайыннарыы эбийиэктэрин туһунан дьүүллэстилэр. 


Николай Шульгинов уонна Айсен Николаев РусГидро уонна өрөспүүбүлүкэ былааһа ГРЭС-2 иккис уочаратын тутуутун былааннастылар.

Саҥа эбийиэк туһаттан таһаарыллар Дьокуускайдааҕы ГРЭС сиригэр тутуллуохтаах. Ыстаансыйа күүһэ – 157,4 МВт, итиини биэриитэ – 200 Гкал/ч. 2025 сылга үлэтин саҕалыахтаах.

ГРЭС-2 иккис уочарата 2019 сыл от ыйыгар Россия бырабыыталыстыбата электроыстаансыйалары тутууга бигэргэппит бырайыагар киллэриллибитэ.

This post was published on 15.01.2020 12:13 12:13