ГРЭС-2 иккис уочаратын олоххо киллэрии 2025 сылга былааннанар. Бу туһунан РусГидро генеральнай дириэктэрэ Николай Шульгинов уонна Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа көрсүһүүлэригэр кэпсэттилэр. Өрүттэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар электроэнергетиканы сайыннарыы эбийиэктэрин туһунан дьүүллэстилэр.
Николай Шульгинов уонна Айсен Николаев РусГидро уонна өрөспүүбүлүкэ былааһа ГРЭС-2 иккис уочаратын тутуутун былааннастылар.
Саҥа эбийиэк туһаттан таһаарыллар Дьокуускайдааҕы ГРЭС сиригэр тутуллуохтаах. Ыстаансыйа күүһэ – 157,4 МВт, итиини биэриитэ – 200 Гкал/ч. 2025 сылга үлэтин саҕалыахтаах.
ГРЭС-2 иккис уочарата 2019 сыл от ыйыгар Россия бырабыыталыстыбата электроыстаансыйалары тутууга бигэргэппит бырайыагар киллэриллибитэ.