Саха сиригэр гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга Ил Дархан гранын кыайыылаахтара биллэрилиннилэр. Бу алтыс куонкурус.
Быйыл саамай элбэх сайаапка киирдэ — 474 көҕүлээһин 400 коммерческайа суох тэрилтэттэн. Саамйа элбэх сайаапка Ньурба улууһуттан баар. «Түмүккэ 77 коммерческайа суох тэрилтэ кыайыылаах буолла. Кинилэр бырайыактарын олоххо киллэриигэ 102,6 мөл солк өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан уонна президент гранын пуондатыттан көрүллэр. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибин уонна Саха сирин дьонун олоҕо тупсарыгар көхтөөх сыһыаҥҥыт иһин махтанабын. Бүтэһик биэс сылга өйөбүлү 369 социальнай суолталаах бырайыак ылла, уопсай суумата 475,5 мөл солк. Бу аата биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт дойдуларын таптыыр элбэх киһи олорор уонна үлэлиир!» — диэн суруйда Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар.
This post was published on 25.06.2024 14:34 14:34