Грант ылбыт фермердар быстах байыаннай хомуурга ыҥырылыннахтарына көрүллэр миэрэлэр таҕыстылар

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Агростартап», «Агропрогресс» эбэтэр «Агротуризм» граны ылбыт предпринимателлэр быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллар түбэлтэлэригэр ылыллар хас да миэрэни оҥордо. Докумуон нуорма-быраап акталарын порталыгар таҕыста.

Докумуоҥҥа олоҕуран, фермер-предприниматель грант харчытыгар ылбыт баайын-дуолун быраабын атын киһиэхэ  көһөрүөн сөп. Хаһаайыстыба саҥа баһылыга министиэристибэни кытта эбии сөбүлэҥ сурук суруйсар.

Грант ылбыт фермер харчытын өссө да толору тутта илик буоллаҕына уонна үлэтин ИП быһыытынан тохтотор түгэнигэр, грант бюджекка төннөр. Маннык түгэҥҥэ предприниматель былаан толоруутугар эппиэтинэстэн босхолонор, диэн суруллар докумуоҥҥа.

Предприниматель үбүн толору туттан баран, үлэбин ИП быһыытынан тохтотобун диир буоллаҕына, хаһаайыстыба тэрийиитигэр уонна сайыннарыытыгар бырайыак туолбатаҕынан ааҕыллар.

Икки бүтэһик түбэлтэҕэ грант ылааччы былааннаммыт көрдөрүүтүн ситиспэтэҕинэн, эппиэтинэстэн босхолонор. Маны таһынан, грант суотугар ылбыт баайа-дуола «Российскай Федерация субъегар үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччы эппиэтинэһигэр боломуочуйалаах уорганынан бэриллиэн сөп», диэн суруллар.

Источник: объясняем.рф

This post was published on 29.09.2022 09:22 09:22