Саҥа дьыллааҕы каникул дойдуга тоҕус күн салҕанар: ахсынньы 31 — тохсунньу 8 күннэрэ. Тохсунньуга барыта 17 үлэ күнэ уонна 14 өрөбүл, бырааһынньык күннэрэ баар. «Госуслуги» портал тохсунньуга хамнас төлөбүрүн уонна тоҕо бу ыйга уоппуска ылар барыстааҕын кэпсээтэ.
Саҥа дьыллааҕы каникуллар — үлэлээбэт бырааһынньык күннэр. Сынньалаҥ. Ити эрээри холобура сменанан үлэлиир дьон үлэ эрэсиимнэрэ көрүллүөн сөп.
Акылаакка үлэлээччи ыйдааҕы хамнаһын толору ылар, бырааһынньыктан сылтаан кыччаабат. Ол аата тохсунньуга акылаат көҕүрэтиллибэт, төһө да үлэ күнэ аҕыйаҕын иһин. Төһөнү үлэлээбиккинэн хамнастаахтарга бырааһынньыкка үлэлээбиттэргэ эбии төлөбүр олохтонор. Кээмэйин кэлэктиип эбэтэр үлэ дуогабара быһаарар.
Өрөбүл уонна бырааһынньык күннэргэ хамнас икки бүк төлөнөр эбэтэр сынньалаҥ күн, үлэһит баҕатынан, көрүллэр. Үлэни биэрээччи компенсация көрүҥүн бэйэтэ быһаарбат. Өскөтүн уоппуска бырааһынньыктарга түбэстэҕинэ, уоппуска хонугунан ааҕыллыбат уонна төлөммөт.
Оттон көһөрүүттэн олоҕуран, өрөбүл күн буолбукка, холобур ахсынньы 31 күнэ, уоппускаҕа киирэр уонна төлөнөр. Онон ким элбэхтэ сынньаныан баҕалаах, аҕыйах уоппуска күннээх, тохсунньуга уоппускатын ылара барыстаах.
2023 сыл бастакы ыйа аҕыйах үлэ күннээх. Ол оннугар официальнай бырааһынньыктардаах. Үлэлээбэт бырааһынньык күннэр уоппускаҕа киллэриллибэттэр уонна төлөммөттөр. Ити эрээри уоппусканы уһаталлар. Холобур, ахсынньы 26 күнүттэн 14 хонукка уоппуска ылаҕыт, икки нэдиэлэ. Оттон дьиҥнээхтик сынньанаргыт 23 күн — үлэҕитигэр тохсунньу 17 күнүгэр биирдэ тахсаҕыт. Өссө 14 күн уоппускаҕыт хаалар. Эбэтэр сайабылыанньаҕытыгар уоппусканы ахсынньы 26 — тохсунньу 8 күннэрэ диэн суруйаҕыт. Оччотугар 14 күн сынньанаҕыт. Уоппуска 6 күҥҥэ төлөнөр — ахсынньы 26 — 31 күннэригэр, ол оннугар өссө 22 күн уоппуска хаалар.