От ыйын 6 күнүттэн «Госуслуги» порталга бастакы кылааска киириигэ сайабылыанньаны хомуйуу иккис түһүмэҕэ саҕаланар. Талбыт оскуолаҕытыгар докумуону биэриэххитин сөп, бастакы түһүмэх кэннэ оскуолаларга хаалбыт миэстэлэргэ. Ол туһунан Дьокуускай үөрэҕин управлениета иһитиннэрдэ.
Сайабылыанньаны 2024 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ыытыллар. Оскуолаҕа миэстэ баарын тухары суруйуу бара турар. Аһаҕас миэстэлэр тустарынан информацияны бу сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп.
Иккис түһүмэххэ чэпчэтии көрүллүбэт. Барыта уочарат быһыытынан барар. Онон сайабылыанньаҕытын түргэнник биэрэргитигэр сүбэлииллэр.
Быраабыланы бу сигэнэн киирэн аах.