26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

"Госуслуги" порталга онлайн-биэрэпиһи сэтинньи 14 күнүгэр диэри уһаттылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 2020 сыллааҕы нэһилиэнньэ Бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһэ салҕанан барар. Быйылгы сыл уратытынан «Госуслуги» порталга докумуону толоруохха сөп.

Сахастат тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, онлайн-биэрэпиһи нэһилиэнньэ сөбүлээбит. Хас бэһис олохтоох туһанар. Онон дьаһал маннык көрүҥүн сэтинньи 14 күнүгэр диэри уһатылынна, суруйар СИА.

Хас биирдии Госуслуги порталга учуоттаах РФ гражданина сэтинньи 14 күнүгэр диэри онлайн-биэрэпискэ кыттар кыахтаах.

Электроннай көрүҥ табыгастаах, хаһан баҕарар, хантан баҕарар электроннай тэрилтэн киирэн биэрэпис докумуонун толоруохха сөп. Толоруу бириэмэтэ быһа барыллаан 20 мүнүүтэ.

Как пройти перепись на Госуслугах? Сиһилии: https://ysia.ru/onlajn-perepis-na-gosuslugah-prodlili-do-14-noyabrya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА