2023 сылтан оҕолордоох ыалларга «универсальнай» босуобуйа киллэриллэр. Көмө харчыны аныылларыгар дьиэ кэргэн төһө тиийинэн олорорун көрүөхтэрэ. Бу босуобуйа хас даҕаны төлөбүрү солбуйуоҕа, 17- гэр диэри саастаах оҕолордоохторго бэриллэр. Саҥа пособие хат дьахталларга төлөбүр кээмэйин үрдэтэргэ көмөлөһүөҕэ, уонна оҕо төрөөһүнүттэн тутулуга суох ийэ хапытаалыттан харчыны ылыахха сөп буолуоҕа. «Госуслуги» портал бэйэтин телеграм-ханаалыгар пособие кимиэхэ бэриллиэхтээҕин уонна хайдах оҥотторуохха сөбүн кэпсээтэ.
Саҥа босуобуйа ханнык төлөбүрдэри солбуйарый?
Намыһах дохуоттаах хат дьахталларга, оҕо 1,5 сааһыгар диэри үлэлээбэккэ олорор төрөппүттэргэ, бастакы уонна үһүс оҕоҕо 3-гэр диэри, 3-тэн 7-гэр диэри уонна 8-тан 17-гэр диэри саастаах оҕолорго бэриллэр төлөбүрдэри.
Дьиэ кэргэн көмөҕө наадыйарын хайдах быһааралларый?
Үс критерий баар: нэһилиэнньэ тиийинэн олоруутуттан алын кээмэйдээх дохуоттаах, дьиэ кэргэн бас билэр баайа-дуола перечентэн элбэҕэ суох буоллаҕына, дьиэ кэргэн намыһах дохуоттаах эбэтэр объективнай биричиинэнэн дохуота суох олорор буоллаҕына.
Босуобуйа кээмэйэ?
Ылыахтаах киһи дохуотуттан көрөн, региональнай тиийинэн олоруу боруогуттан 50, 75 эбэтэр 100% буолуохтара.
Босуобуйаны ким аныырый?
2023 сылтан ФСС уонна ПФР холбоһон үлэлиэхтээх Арассыыйа Социальнай пуондата.
Урут анаммыт босуобуйалар хайдах буолаллар?
Кинилэр болдьохторо бүтүөр диэри төлөнө турбут кээмэйдэринэн төлөнүөхтэрэ. Баҕа өттүнэн универсальнай босуобуйаҕа көһүөххэ сөп.
Дьиэ кэргэн ханнык кэминээҕи дохуота бэрэбиэркэлэнэрий?
Сайабылыанньа киирбит ыйыттан инниээҕи 12 ыйы көрүөхтэрэ.
Саҥа быраабылаларга хайдах быһаарсыахха сөбүй?
Оҕолорго аналлаах босуобуйаны биэрии быраабылата балачча уларыйыа. Сорох ыаллар элбэх харчыны ылар кыахтаналлар, ким эрэ дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарын быһаарар критерийдэригэр сөп түбэспэт буолан төлөбүрдэрин быһыахатара. Ол эрээри, саҥа босуобуйаларга ситэри көһөргө «переходнай» кэм баар буолуоҕа, урукку быраабыланы туһаныахха сөп буолуоҕа ону тэҥэ, эргэ уонна саҥа төлөбүрдэри тэҥинэн да ылыахха сөп.
This post was published on 10.10.2022 11:03 11:03