Россияҕа гостиница тутуутугар чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрии бырагыраамата саҕаланна. Быраабыланы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бигэргэттэ, диэн миниистирдэр кабинеттарын саайтыгар сурулунна.
Гостиница бизнеһынан дьарыктанааччы предпринимателлэр 3 — 5% сыллааҕы ыстаапкалаах кирэдьиити ылыахтарын сөп буолла. Дуогабар – 15 сыл олохтонор.
Чэпчэтиилээх иэс тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнаска иэстэрэ суох, нолуогу төлөөһүннэрин кэмигэр саппыт буоллахтарына биирдэ бэриллэр. Тэрилтэ үлэтин тохтотуо суохтаах, ол эбэтэр «ликвидацияланара» уонна «банкротствоны» биллэрэрэ бобуулаах.
Үбүлээһин 5 тыһ кв м иэнтэн эбэтэр 120 нүөмэртэн итэҕэһэ суох пуондалаах саҥа гостиницаны тутууга эбэтэр баар эбийиэги уларытан тутууга көрүллэр. Итиэннэ элбэх функциялаах кииннэргэ баар отелларга, 150 нүөмэртэн итэҕэһэ суох пуондалаах буоллаҕына, бэриллэр.
Михаил Мишустин илии баттаабыт уурааҕа туризмы сайыннарыыга саҥа инвестордар үлэлииллэригэр, хаачыстыбалаах инфраструктураны тэрийиигэ туһуланар.
This post was published on 16.02.2021 12:02 12:02