Саха сирин олохтоохторугар от ыйын 1 күнүттэн коммунальнай өҥөҕө тарыып үрдүүрүн эттилэр. Ортотунан 6%. Ол туһунан «Госкомцен» салайааччытын солбуйааччыта Саргылана Матвеева СМИ-гэ иһитиннэрдэ.
«Тарыып үрдээһинэ ортотунан 6% буолуоҕа, биирдиилээн муниципалитеттарга араастаһыы — 2,4%. Онон от ыйын 1 күнүттэн эбиллэр тарыып 8,4%-н үрдээбэт», — диэтэ Саргылана Матвеева.
Электроэнергияҕа тарыып 2021 сыл ахсынньытыгар бигэргэммитэ уонна от ыйын 1 күнүттэн ортотунан 6,1% үрдүөҕэ.
Үрдээһин орто индекса:
Ититии – 6,0%;
Сабыылаах систиэмэттэн итии уу – 6,0%;
Аһаҕас систиэмэттэн итии уу – 10,0%;
Тымныы уу – 7,2%;
Кирдээх уу – 5,5%;
Электроититии – 7,0%;
Электрообогрев – 6,0%;
Бөх тоҕуута – 3,4%;
Кытаанах уматык – 2,6%.
This post was published on 10.06.2022 17:01 17:01