Госдуума уот тарыыбын туһунан саҥа сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынна

Хаартыска: Саха НКИХ саайта

Судаарыстыбаннай Дума тохсунньу 21 күнүгэр уот тарыыбын туһунан саҥа сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынна.

Регионнар уот сыанатын Федеральнай антимонопольнай сулууспа олохтообут муҥутуур кээмэйиттэн үрдүк гына туруорар кыахтаныахтара.

Онуоха сорох регион уот сыанатын олус үрдэтэр эбэтэр, төттөрүтүн, намтатар. Сыананы олорчу түһэрдэххэ, уот ситимнэрин көрүүгэ-харайыыга үп тиийбэт диэн быһаараллар. Саҥа сокуон ирдэбилинэн, өскөтүн регион ФАС ирдэбилин иккитэ толорбот түгэнигэр, сулууспа бэйэтэ муҥутуур сыананы быһар бырааптанар. Ол кэннэ бу тарыыбы үрдэтэр бобуллар. Тустаах дьаһал регионнар федеральнай сокуоннары тутуһалларын ситиһэргэ уонна уот ситимнэрин үбүлээһини хааччыйарга туһуланар.

This post was published on 22.01.2026 16:18 16:18