Госдуума "чайлдфри"-ны киэҥ маассаҕа тарҕатыыны бобор туһунан сокуон ылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Госдуума депутаттара иккис уонна үһүс ааҕыыларга интернеккэ, СМИ-гэ, киинэҕэ уонна рекламаҕа чайлдфри-ны пропагандалыыры бобор туһунан сокуон ылыннылар.  Ол туһунан Россия парламенын аллара палаататын саайтыгар таҕыста.

Сокуон РФ КоАП 6.21 ыстатыйатыгар көннөрүүнү киллэрэр. Ол курдук, оҕолонууттан аккаастаныыны пропагандалааһын иһин ыстыраап: биирдиилээн дьоҥҥо — 400 тыһ солк, дуоһунастаах сирэйгэ — 800 тыһ солк, юридическай сирэйгэ — 5 мөл солк диэри.

Спикер Вячеслав Володин эппитинэн, сокуон гражданнары көмүскүүр сыаллаах, бастатан туран, үүнэр көлүөнэни «личность быһыытынан сайдыытыгар куһаҕаннык дьайар информацияттан» харыстыыр.

This post was published on 13.11.2024 16:00 16:00