РФ Госдуумата бастакы ааҕыыга 2025 сыл уонна былааннаммыт 2026 — 2027 сылларга федеральнай бюджеты ылынна. Судаарыстыба бары социальнай эбэһээтилистибэтин толорор туһунан этилиннэ. Ол туһунан Россия парламенын аллара палаататын саайтыгар сурулунна.
Докумуоҥҥа олоҕуран, 2025 сылга федеральнайдааҕы бюджет дохуота 40 трлн 296 млрд солк, ороскуота — 41 трлн 469 млрд солк.
МРОТ 22 440 солк диэри улаатыа, бу спикер Вячеслав Володин эппитинэн, 4,2 мөл Россия олохтооҕун хамнаһа үрдүүрүгэр олук буолуо. Маны сэргэ социальнай төлөбүрдэри, ол иһигэр «больничнайдары», хат буолуунан уонна оҕону төрөтүүнэн босуобуйаларга, оҕону көрөн олорууга босуобуйаҕа, үлэтэ суох буолуунан босуобуйаны хабыаҕа.
Салгыы манна аах: https://ysia.ru/gosduma-prinyala-v-pervom-chtenii-proekt-federalnogo-byudzheta-na-2025-2027-gody/
This post was published on 25.10.2024 12:21 12:21